Өймөкөөҥҥө сүтэ сылдьан баран көстүбүт туристар Томтортон 15 км сиргэ бааллар
Аҕыйах хонуктааҕыта сибээскэ тахсыбатах 11 киһилээх (ол иһигэр 4 дьахтар уонна 3 оҕо) туристар бөлөхтөрүн туһунан эттэххэ, билигин кинилэр Томтор бөһүөлэгиттэн 15 килэмиэтирдээх Кумаар Үрэх диэн сиргэ бааллар. Бу туһунан СӨ Нэһилиэнньэтигэр куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Кинилэр олохторугар уонна доруобуйаларыгар куттал суоһаабат. Тиһэх чахчыларынан, дьахталлар уонна оҕолор этэҥҥэлэр. Бэлиэтээн эттэххэ, иллэрээ күннээҕитэ кинилэргэ Сордоҥноох бөһүөлэгиттэн ас-үөл тиэммит 3 киһилээх 2 вездеход айаннаабыта. Кинилэри хаайтаран олорор сирдэриттэн аҕалар туһугар, Быыһыыр сулууспа Тааттатааҕы филиалыттан тахсыбыт аэромобильнай бөлөх быыһааччылара иллэрээ күннээҕитэ Томторго тиийбиттэрэ. Халлаан туругуттан көрөн, сүтэн баран көстүбүт туристары сотору кэминэн “Полярнай авиалиния” бөртөлүөтүнэн эвакуациялыахтаахтар. «Балаһыанньаны толору хонтуруоллуу олоробут», – диэн кэмитиэт салайааччыта Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: