Салгыы
Өймөкөөҥҥө «Тымныы полюһугар айан» бэстибээл ыытыллар

Өймөкөөҥҥө «Тымныы полюһугар айан» бэстибээл ыытыллар

30.03.2024, 16:09
Хаартыска: СӨ Туризмы сайыннарыытын ааҕыныстыбата
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 30 күнүгэр Өймөкөөҥҥө «Тымныы полюһугар айан» бэстибээли кытта «Мой бизнес. Оймякон — центр зимнего туризма» урбаанньыттар пуорумнара саҕаланнылар.

Бу туһунан СӨ Туризмы сайыннарыытын ааҕыныстыбата иһитиннэрдэ. Бэстибээл бастакы күнүгэр сэминээрдэр, стратегическай сиэссийэлэр, пленарнай мунньахтар, шоу-бырагыраамалар уонна маастар-кылаастар ыытыллаллар. Сүрүн тиэмэтэ — Өймөкөөн улууһугар кыһыҥҥы туризмы сайыннарыы.

Маны таһынан Саха сирин араас улуустарыттан маастардар үлэлэрин көрдөрүүгэ быыстапка-дьаарбаҥка аһылынна. «Мой бизнес. Оймякон — центр зимнего туризма» пуорум чэрчитинэн хас  биирдии урбаанньыты өйүүр сыаллаах туһалаах консультациялар ыытыллаллар.

Кулун тутар 31 күнүгэр бэстибээл ыалдьыттара олохтоох түмэллэргэ сылдыахтара уонна Үчүгэй сэлиэнньэтигэр Табаһыттар бырааһынньыктарын бэлиэтиэхтэрэ. Ону кытта Хотугу сир төрүт норуоттарын култууратын үөрэтиигэ «Ночь в чуме» бырайыак ыытыллара былааннанар. Ол курдук, туристар Хотугу сир төрүт норуоттарын култууратын эйгэтигэр угуйуллуохтара, былыргы норуот төрүт үгэстэрин тыынын билиэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: