Өймөкөөҥҥө урукку улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин холуобунай дьыалатыгар бириигэбэрэ таҕыста

Share

Саха сиригэр холуобунай дьыала силиэстийэлэнэн бүттэ. Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин урукку бэрэссэдээтэлэ өрүү бэйэтигэр бириэмийэ уонна үрдүк хамнас сурунан ылбыта быһаарылынна.

Силиэстийэ матырыйаалларыгар олоҕуран, сууттанааччы сымыйанан бириэмийэ ааҕынарга бирикээс оҥорон илии баттаабыт. Докумуоннарынан бэйэтигэр хамнас акылаатын улаатыннарбыт, ону таһынан бириэмийэ ааҕынан ылбыт. Хармаанын хаҥатыыга экс-бэрэссэдээтэл хамнаһы уонна бириэмийэни үлэ төлөбүрүн пуондатыттан туһаммыт. Ону сэргэ салайааччы туһамматах уоппускатын күннэрин суотугар харчынан толуйууну ааҕынан ылбыт. Онуоха буруйданааччы уоппускатын туһаммыта уонна харчытын толору ылбыта билиннэ. Сокуону кэһэн туран ылбыт харчытын тус наадатыгар туһаммыт.

Ол түмүгэр хоромньу 2 мөлүйүөн 600 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит. Силиэстийэлээччилэр бары дакаастабылы хомуйан, дьыаланы суут көрүүтүгэр ыыталлара ситиһиллибит. Суут буруйданааччы дьахтары биэс сылга көҥүлүн быһарга усулуобунайдык 4 сылга бодьохтоох уураахтаата. Ону таһынан экс-бэрэссэдээтэл 3 сылга болдьоххо салайар дуоһунастарыгар үлэлиирэ тохтотулунна. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үп-экэниэмикэ кэллиэһэ уонна “Сбер Школа 21” бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр

“Цифровой алмаас” III федеральнай пуорум кэмигэр И.И.Фадеев аатынан үп-экэниэмикэ кэллиэһэ уонна “Школа 21. Якутия” бииргэ…

8 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Сэтинньи 4 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлииригэр Арассыыйа уонна Саха…

9 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Өлөөҥҥө сүппүт киһини көрдөөһүн салҕанар

Өлөөн улууһугар Өлөөн өрүскэ сүппүт эр дьонтон биирдэстэрин көрдөөһүн салҕанар диэн СӨ быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.…

13 минут ago
  • Сонуннар

Айсен Николаев «Хотугу муора суола уонна Арктика» боппуруостарыгар Судаарыстыбаннай Сэбиэт хамыыһыйатын мунньаҕар кытынна

Ил Дархан Айсен Николаев «Хотугу муора суола уонна Арктика» боппуруостарыгар Судаарыстыбаннай Сэбиэт хамыыһыйатын мунньаҕар кытыыны…

18 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыас уордьанын дьиэ кэргэнигэр туттардылар

Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин байыаһа Алексей   Александров хорсун быһыытын иһин РФ Бэрэсидьиэнэ  В.В. Путин…

31 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сокуоннайа суох бултаабыт киһиэхэ тэриллибит холуобунай дьыала суут көрүүтүгэр ыытылынна

Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын Хоту оройуоннар икки ардыларынааҕы силиэстийэлиир салаата олохтоох дьокутааты РФ…

31 минута ago