Өймөкөөҥҥө ыытыллар экстремальнай сүүрүү марафона Арассыыйа таһымнаах

Өймөкөөҥҥө ыытыллар экстремальнай сүүрүү марафона Арассыыйа таһымнаах

09.01.2025, 17:53
Хаартыска: Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын култуураҕа уонна туризм сайдыытыгар управлениетын тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 11-12 күннэригэр   Өймөкөөн улууһугар  «Тымныы полюһа – Өймөкөөн»  VI экстремальнай марафон ыытыллыаҕа.

Суолталаах тэрээһиҥҥэ сыл аайы кыттааччытын ахсаана элбээн иһэр. Ол курдук, быйыл дойду 17 эрэгийиэниттэн кэлэн кытталлара былааннанар. Красноярскай, Челябинскай, Сыктывкар, Иркутскай, Балашиха, Москва, Нижний Новогород уо.д.а. киин куораттартан куораттартан ох курдук бэлэмнээх сүүрүктэр кытта иһэллэрэ билиннэ. Суолталаах тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 13 улууһуттан эмиэ ааттаах-суоллаах уһулуччу спортсменнар кыттыахтара. Онон дьэ ким биэтэккэ бастакы кэлэрин Кыһыҥҥы сүүрүү марафона Өймөкөөн уонна Томтор нэһилиэктэригэр буолуоҕа. Күрэхтэһии күннэригэр -50 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр.

Экстремальнай сүүрүү марафонун  тэрийээччилэрэ — Өймөкөөн улууһун дьаһалтата, «Тымныы полюһа» ХЭУо, « Марафоны Якутии» ХЭУо уонна «Дойду историческай өйдөбүлэ” Мэҥэ бырайыак. Экстрим-марафон дириэктэрэ — Дмитрий Неустроев.

Быйыл сүүрүү Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар, ону тэҥэ Арассыыйа Федерациятыгар Аҕа дойдуну көмүскээччи сылыгар уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар ананар. Кыттааччылар бары аҕаларын, эһэлэрин уонна хос эһэлэрин мэтириэттэрин хаартыскалара кэтэ сылдьар пуормаларын нүөмэрдэрин кытта суруллуоҕа.

«Тымныы полюһа – Өймөкөөн» VI экстремальнай марафон тэрийээччилэрэ бэлиэтээбиттэринэн, экстремальнай сүүрүү чэрчитинэн хас да дистанция тэриллиэҕэ. Бастакы күҥҥэ 5, 10, 15 уонна 21,1 км, оттон иккис күҥҥэ 42,2 уонна 50 км старттар буолуохтара. Бастакы күн күрэхтэһии Томторго буолар, иккис күнүгэр кыттааччылар Томтортон саҕалаан, Өймөкөөҥҥө түмүктүөхтэрэ. Трассаҕа 18-тан 70-гар диэри саастаах  спортсменнар тахсыахтара.

Экстрим-марафон чэрчитинэн, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института хаһыс да сылын кыһыҥҥы сүүрүү энтузиастарын эт-хаан өттүнэн туруктарыгар научнай чинчийиини салгыы ыытыахтара.  Марафоҥҥа бэлэмнэнии кэмигэр мунньуллубут үп сорох чааһа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөргө барыаҕа. Полумарафоҥҥа, марафоҥҥа уонна ультрамарафоҥҥа кыайыылаахтарга уонна призердарга өйдөбүнньүк мэтээллэр, кубоктар уонна харчынан бириэмийэлэр туттарыллыахтара.

Буолаары турар Арассыыйа таһымнаах улахан суолталаах тэрээһин култуурунай чааһын туһунан Өймөкөөн улууһун муниципальнай тэриллии дьаһалтатын култуураҕа уонна туризмы сайыннарыыга управлениетын начаалынньыга Аксинья Сивцеваттан кэпсииригэр көрдөстүбүт.

– «Тымныы полюһа – Өймөкөөн» VI экстремальнай марафон култуурунай бырагыраамата кыттааччыларга уонна туристарга эмиэ интэриэһинэй буолуоҕа. Ол курдук, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ “Өймөкөөн кыыла уонна көтөрө“ уонна “ХIХ үйэҕэ саха норуотун олоҕо уонна култуурата” диэн тиэмэлэргэ экскурсиялары ыытыахтара. Томтор орто оскуолатын иһинэн үлэлиир литературнай-краеведческай мусуой үлэһиттэрэ “ГУЛАГ лааҕырдаргар сылдьыбыт суруйааччылар олохторо уонна үлэлэрэ” диэн бэсэдэни оҥоруохтара. Аатырбыт Эбэ хайатын иһигэр баар Тымныыны харайааччы Чысхаан Муус Резиденцията ыалдьыттарга аанын тэлэччи аһыаҕа. Маны тэҥэ экстремальнай туристар Үрэх төрдүгэр тиийэн, саха норуотун духуобунай салайааччыта, бөлүһүөк суруйааччы А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 1924 сыллаахха оҥорторон туруорбут “Салгын кут” сэргэлэрин көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Марафон кыттыылаахтара Өймөкөөн боруода аттарын иитэр Итегеловтар интернациональнай дьиэ кэргэннэрин Өймөкөөн сылгытын боруодатын иитэр баазатыгар сылдьыахтара. Биллэн турар, экстремальнай туристар Өймөкөөн тоҥмот өйүмэтигэр киирэн, хайаан да сөтүөлүөхтэрэ. 70-тан тахса аан дойду араас муннугуттан кэлэр туристары истиҥник көрсүбүт биллиилээх урбаанньыт Тамара Васильева “Ил-Эйэ эбээтин эбиэтэ” диэн тиэмэлээх анал эбиэтинэн күндүлүөҕэ. Тамара Егоровнаны аан дойду туристара итинник таптаан ааттыыллар.

Тамара Васильева ыалдьытымсах дьиэтэ кыһыҥҥы күннэргэ туристарынан толору буоларын улуус олохтоохторо бары билэллэр. Уонна, биллэн турар, марафон кыттааччылара Чысхаантан Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө сылдьыбыттарын туһунан сэртипикээти үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутуохтара.

«Тымныы полюһа – Өймөкөөн» VI экстремальнай марафон чэрчитинэн хас да суолталаах дьыалабыай көрсүһүүлэр буолуохтара. Ол курдук, Н.М. Заболоцкай-Чысхааҥҥа аатынан Томтор орто оскуолатыгар сэрии сылларыгар “Аляска-Сибиир” туһаайыынан байыаннай сөмөлүөттэри көтүппүт салгын трассатын үлэтин туһунан Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт “төгүрүк остуол” буолуоҕа. Манна учуонайдар, историктар, чинчийээччилэр уонна атын эрэгийиэннэртэн бэрэстэбиитэллэр куйаар ситиминэн кыттыахтара. “Тымныы полюһа” официальнай статуһу ыларга уонна Өймөкөөн улууһун сирин-уотун РФ Арктическай зонатыгар тэҥнииргэ анал мунньах ыытыллыаҕа. Марафон кыттыылаахтара Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай институтун ректора Иннокентий Готовцевы кытта көрсүөхтэрэ. “Тымныы полюһугар – Өймөкөөҥҥө армрестлинг” (өрүс кытылыгар уһулуччу тымныы температураҕа) документальнай киинэни уһулуохтара, — диэн Аксинья Сивцева бэлиэтээтэ.

Экстремальнай сүүрүүнү тэрийиигэ олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ылаллар. Бу туһунан Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров кэпсээтэ:

—  Тэрийээччилэр дьон доруобуйатыгар куттал суох буолуутун хааччыйыы ирдэбилин болҕомтоҕо хайаан да ылабыт. Ол курдук,  хас дистанция аайы балааккалар баар буолуохтара. Быйылгы марафоҥҥа 10-ча балаакка туруоҕа. Онтон түөрдэ — томтордор балааккабыт.  Быраастар сүүрүктэр туруктарын кэтээн көрүөхтэрэ. Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатын үлэһиттэрэ, наада буоллаҕына, көмө буоларга бэлэм сылдьыахтара. Тэрээһиннэр сарсыҥҥыттан саҕаланаллар. Сарсыардаттан «Көмүс күрүөҕэ» спортсменнар сэрээккэлиэхтэрэ, онтон алгыс сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Ол кэнниттэн быраастар хамыыһыйалара үлэлэлиэҕэ. 

Спортсменнары туристары көрсөргө үөрүйэх уонна уопуттаах урбаанньыттар Александр Харитонов, Иван Заболоцкай, Тамара Васильева уонна Томтор олохтооҕо Татьяна Бурцева, Өймөкөөн олохтооҕо Ньургуйаана Ефимова «ыалдьыт дьиэлэригэр» түһэриэхтэрэ. Маны таһынан, Өймөкөөн орто оскуолатын интэринээтигэр үгүс спортсмены олохтуохтара. Онон быйылгы сыл саҥатыттан кыһыҥҥы туризм араас тэрээһиннэрин ыытарга үөрүйэх Томтор уонна Өймөкөөн нэһилиэктэрин олохтоохторо «Тымныы полюһа – Өймөкөөн» VI экстремальнай марафону сэргэхтик  тэрийээри, ох курдук оҥостон, бэлэм олороллор.

Төрдүс сылын марафон генеральнай спонсорынан уонна бииргэ тэрийээччитинэн «Баск» хампаанньа – Арассыыйа экстремальнай көрүҥнэригэр аналлаах табаары оҥорон таһаарааччы буолар. Марафон партнердарыгар өссө өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ, бөдөҥ тэрилтэлэрэ киирэллэр. Дьэ, онон, доҕоттор, «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» VI экстремальнай марафон эһигини күүтэр!

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: