Салгыы
Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын Аал Луук Маһын киэргэлэ — чурулуу устар үрүйэ

Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын Аал Луук Маһын киэргэлэ — чурулуу устар үрүйэ

05.06.2023, 19:00
Хаартыска -- Василий Яроев
Бөлөххө киир:

Сыл аайы улуустарынан ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын аайы дьон саамай кэрэхсиирэ – Аал Луук Мас. 

Өймөкөөн улууһун Аал Луук Маһа атыттартан олох ураты буолуоҕа. Бу туһунан “Уран” дизайн-устуудьуйа Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн эбийиэгин – Аал Луук Маһы тута сылдьар биригээдэ салайааччыта Василий Яроев билиһиннэрдэ:

Син эмиэ атын улуустар курдук, Өймөкөөн Маһа 17 м үрдүктээх буолуоҕа. Аал Луук Мас түөрт өттүттэн үрүйэ чурулуу устуоҕа. Хайалаах дойду буолан, ону көрдөрөр Өймөкөөн Киһилээх хайаларын бу күннэргэ оҥоро сылдьабыт.  Тимир каркааһа бэлэм, аны сиэмэнинэн үлэ барар. Мас быһыытын Өймөкөөн тиит маһыгар майгынныыр гына оҥордубут.

Үрүйэ, күрүлгэн – сонун сүүрээн. Урукку өттүгэр Яроевтар бу маннык ньыманы тутта иликтэрэ. Тоҕо Аал Луук Мас уратыларынан хайа уонна үрүйэ буолбуттарын туһунан Өймөкөөн улууһун бөлүһүөгэ, аатырбыт фотограф, мас уонна тимир ууһа, айар куттаах Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ маннык быһаарда:

Өймөкөөн улууһуттан түөрт улахан улуу сис саҕаланар. Ол курдук, арҕааттан Дьааҥы, хотуттан Черскэй, илинтэн Халыма, соҕурууттан Дьугдьуур сис хайаларын Өймөкөөн улууһа ситимниир. Бу сис хайалартан түөрт улуу хоту өрүстэр  Дьааҥы, Аллан, Индигиир, Халыма угуттанан тураллар. Ону бу Аал Луук Мас уопсай тутулун көстүүтэ көрдөрөр.

Ити курдук, сотору кэминэн түөрт өттүттэн үрүйэ устар Өймөкөөн Киһилээх хайалара тулалыыр көстүүлээх Аал Луук Мас Олоҥхо ыһыаҕын биир саамай маанылаах киэргэлинэн буолуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: