Өймөкөөҥҥө быыһааччылар көттүлэр
16.07.2025, 12:00

Хаартыскалары Томтор олохтоохторо ыыттылар.
Бөлөххө киир:
Өймөкөөн улууһугар өрүстэр уонна үрэхтэр хааларыттан тахсан, оройуоҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ.
Улуус баһылыга Александр Оконешников иһитиннэрбитинэн, бүгүн Дьокуускайтан 11 чааска быыһааччылардаах бөлөх тустаах тэриллэрин илдьэ бөртөлүөтүнэн Өймөкөөҥҥө көттө.






«Уус-Ньараҕа алта киһи сөмөлүөтүнэн көтүөҕэ. Мин Томторго тиийэн, балаһыанньаны миэстэтигэр тиийэн хонтуруоллуом. Айылҕа күүһүн утары барбыт суох. Бу уустук күннэри бары бииргэ өйдөһөн, өйөһөн этэҥҥэ туоруох», — диэн улуус баһылыга Александр Оконешников социальнай ситимнэринэн ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: