Өймөкөөннөр Аммаҕа утум салҕаныытын кэмпириэнсийэтигэр көхтөөхтүк кытыннылар
Бу күннэргэ Аммаҕа Олонхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн «Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа: эпос, утум салҕаныыта, сайдар саҕахтар» диэн научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан, өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан култуура үлэһиттэрэ, уопсастыбанньыктар түмсүүлэрэ, экспердэр кыттыыны ыллылар.
Былырыын XVII Олонхо ыһыаҕа Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыта. Онон өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиҥҥэ Тымныы полюһун дэлэгээссийэтэ анал ыҥырыылаах ыалдьыт буолан сырытта.
Улуустааҕы култуура упралениетын салайааччыта Аксинья Сивцева өймөкөөннөр Аммаҕа сырыыларын туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Өймөкөөнтөн сэттиэ буолан сырыттыбыт. Пленарнай мунньахха Олоҥхо ыһыаҕа суолтатын ырытыыга Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт «Айыы санаа айана» Олоҥхо ыһыаҕын тосхоло, онно киирбит сүрүн торумнар улуус стратегическай сайдыытыгар ситимнээн оҥоһуллубутун кэпсээтим. Ол курдук, Саха сирин сайдыытын Хотугулуу-Илиҥҥи бырамыысаланнас уокуругун өр сыллаах былааныгар улууспут аҥардас «сырьевой» бааза курдук ыйыллыбытын, билигин Саха сирин 2030 сылга диэри сайдар стратегиятыгар тыа хаһаайыстыбатыгар сылгыны үөрдээн иитиини киллэрэри туруорсан эрэрбитин, онуоха Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмнээһин кэмпириэнсийэтигэр Арассыыйаҕа сылгыны үөрэтэр үнүстүүт дириэктэрэ Александр Зайцев кыттыыны ылбытын бэлиэтээтим. Онон, Өймөкөөн улууһа Дьөһөгөй оҕотун дойдута буолара Олоҥхо ыһыаҕар арылыччы көстүбүтэ. Күнү көрсүүттэн саҕалаан, ыһыах аһыллыытын сиэригэр-туомугар, бары тэрээһиннэри ыытыыга тиийэ саха ата уруйдаммыта, айхалламмыта. «Аар Айылҕа Ытык эргиирэ тулхадыйбатын!» диэн Олоҥхо ыһыаҕын эмиэ биир идиэйэтинэн, Ил Түмэн дьокутааттара кыттыылаах ыытыллыбыт «Тымныы киинэ» төгүрүк остуол түмүгүнэн «Өймөкөөн — ураты тыйыс килиимэттээх улуус» ыстаатыһын туруорсуу турбутун билиһиннэрдим.
Саха чулуу дьонун ааттарын үйэтитэр сыалтан олох тутула духуобунас уонна матырыйаалынай эйгэтиттэн турарынан, Өксөкүлээх Өлөксөйгө уонна Өймөкөөн улууһун меценат-атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкыҥҥа, ону тэҥэ төрүт култуураны, олоҥхону үйэтитиигэ үлэлээбит Сэһэн Болоҕо махтал тыллар анаммыттарын эттим. Саха сирин түөрт улуу сиһэ саҕаланар сиригэр, халҕаһа хайаларынан күрүөлэммит олгуйга, тымныы сүрэ үөскүүр Чысхаан дойдутугар — өрөгөйдөөх Өймөкөөҥҥө 2023 сыл куйаас сайыныгар, Олоҥхо Ыһыаҕар өрөспүүбүлүкэ устуоруйата саҥа үйэҕэ үктэнэр алгыһа түспүтэ. «Дьөһөгөй оҕото кыынньар кымыһы уулаан, кистээн дьигиһитиитэ Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын хас биирдии кыттыылааҕар, саха киһитин өйүгэр-санаатыгар ураты өйдөбүл буолан хаалбыта» диэн тыл этиибин түмүктээтим.
Ити курдук, былырыын сайын дьон санаатыттан сүппэт Олоҥхо ыһыаҕын ыыппыт Өймөкөөн улууһун араас култуурунай дэлэгээссийэтэ уопуттарын атастаһан, ханнык баҕарар тэрээһиннэргэ күүтүүлээх ыалдьыттарынан буолаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: