Өймөкөөннөр быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүллэр

Share

Бу күннэргэ улуустааҕы дьаһалта иһинэн үлэлиир Өймөкөөнтөн быстах байыаннай хомуурга барбыт  дьонноох дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөр соруктаах суһал ыстаап үлэтин саҕалаата.

Ыстаабы баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Раиса Садыкова салайар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ быстах байыаннай хомуурга Өймөкөөн улууһуттан 34 эдэр киһи ыҥырылынна. Бастакы тэрээһин мунньахха хомуур кэмигэр көстүбүт уустук боппуруостары ырыттылар. Дьоҥҥо ордук юридическэй уонна психологическай көмө наадата бэлиэтэннэ. Ол курдук, бу күннэргэ быстах байыаннай хомуурга түбэспит дьиэ кэргэттэргэ 200 тыһыынча солкуобай көмө көрүллэр эбит буоллаҕына, саахсаламмакка «гражданскай ыал буолуунан» муҥурданан олорбуттарга, бу көрүллэр чэпчэтиинэн туһаныыга уустуктар бааллар. Ол ону учуоттаан, дойду үрдүнэн курдук, улуустааҕы ЗАГС ыччаттар сокуонунан ыал буолар докумуоннарын кинилэр көрдөһүүлэрин тутаат да, хааччаҕа суох тустаах докумуону толорон биэрэр буолла. Бастакы хомуурга түбэспиттэр ортолоругар сокуонунан ыал буолуу докумуоннарын толорторбокко барбыт дьон дьиэ кэргэттэрэ бааллар эбит. Өскө оннук ыал биир дьиэҕэ пропискалаах буоллахтарына, уопсай оҕолоро эмиэ ол онно суруллубут буоллахтарына, дьыала оннуттан хамсыан сөп. Ол эрээри пропискалара атын-атын буолар түбэлтэтигэр, дьиэ кэргэттэр чэпчэтиинэн туһаналлара уустуктардаах эбит. Бу боппуруоһу быһаарыыны ыстаап биир бастакынан болҕомтоҕо ылла.

Улуустааҕы үөрэх управлениетын бэрэстэбиитэлэ Татьяна Николаева иһитиннэрбитинэн,  бүгүҥҥү күҥҥэ быстах байыаннай хомуурга түбэспит дьон оҕолоро: Уус Ньаратааҕы гимназия, Игорь Хоменко аатынан оскуола, Герасим Кривошапкин аатынан Төрүт, Татьяна Скрыбыкина аатынан Сордоҥноох, Николай Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолаларын сэттэ үөрэнээччитэ уонна Уус Ньаратааҕы «Березка» уонна 3 №-дээх уһуйааннар түөрт иитиллээччилэрэ  оскуолаҕа босхо аһынан уонна уһуйааҥҥа босхо сылдьар чэпчэтиинэн туһаналлар.

Элбэх өҥөнү оҥорор киин улуустааҕы салаатын кылаабынай исписэлииһэ Лидия Столярчик юридическэй боппуруостарга сыһыаннаах өҥөлөрү быстах байыаннай хомуурга түбэспит дьон дьиэ кэргэттэрэ улуустааҕы «Мин докумуонум» элбэх өҥөнү оҥорор киин офиһыгар босхо өйөбүлүнэн туһаныахтарын сөбүн туһунан эттэ.

Ыстаап бастакы быһаарыыны ылынна. Ол курдук, улуустааҕы дьаһалта инфраструктураны уонна правовой тэрээһини хааччыйар тэрилтэтин салайааччыта Борис Скрыбыкин иһитиннэрбитинэн, оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт Пуонда иһинэн муниципалитет баһылыгын дьаһалынан быстах байыаннай хомуурга түбэспит дьоҥҥо туһаайыллыбыт харчынан өйөбүл счета аһылынна. Бу боппуруоһу чопчу ыстаап сүрүннүөҕэ.

Ыстаап маны таһынан волонтердар үлэлэрин сөргүтүүгэ ылыста. Сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр улуус волонтердара бэрт киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыттара. Онон нэһилиэктэринэн быстах байыаннай хомуурга түбэспит дьиэ кэргэннээх ыалларга өйөбүл арааһа оҥоһуллуоҕа. Виктория Котковец салайар оройуон киинин ыччаттарын түмсүүлэрэ маннык үлэни ыытыыга бастакынан ылыста. Мунньахха ыстаап салайааччыта Раиса Садыкова Уус Ньара бөһүөлэгин баһылыгын э.т. Алексей Проскуриҥҥа  быстах  хомуурга түбэспит эдэр киһи дьиэ кэргэнигэр тиийэн ититэр ситимнэри уларытан, суһаллык өйөбүл оҥорон, икки оҕолоох ыал кыһалҕатын быһаарбыттарыгар махталын биллэрдэ.

Суһал ыстаап нэдиэлэ аайы мустан тирээн турар боппуруостары ити курдук ырытан, түмүгү таһааран иһэр былааннаах.

 

 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

26 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

2 часа ago