Өймөкөөннөр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

Share

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Сивцев Томтор нэһилиэгэр Үрэх Төрдүгэр тутулла турар «Салгын Кут» историческай эбийиэги тутуу хаамыытын билистэ.

Бу туһунан баһылык Иннокентий Сивцевтэн үлэ хайдах баран эрэрин туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.

Хомойуох иһин, үлэ хаамыыта олох бытаан.  Үрэх Төрдүгэр турар саха улуу бөлүһүөгэ Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут сэргэлэрин, Өксөкүлээх өр кэмҥэ Сыромятниковтарга олорбут балаҕанын көрөөрү үгүс ыалдьыт, чуолаан, бу сиртэн Олоҥхо ыһыаҕын көрөн-истэн, билсэн саҕалыаҕа. Бэдэрээччит «Республика-2007» ХЭУо (сал. Г.С. Винокуров)  үлэтэ олус бытаан эбит.

Онон Томтор нэһилиэгин олохтоох салалтата сакаасчыт быһыытынан бу үлэни кытаанах хонтуруолга ыллаҕына табыллар, — диэн бэлиэтээтэ баһылык.

Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн улуус баһылыга Иннокентий Сивцев бу күннэргэ улуус нэһилиэктэринэн сылдьан, олохтоохтору, уопсастыбанньыктары кытта көрсөн кэпсэтиэҕэ, сүбэлэһиэҕэ. Ол курдук, баһылык көрсүһүүтэ сэтинньи 12  күнүгэр  – Төрүккэ, сэтинньи 13 күнүгэр  — Сордоҥнооххо, сэтинньи 14 күнүгэр – Үчүгэйгэ, сэтинньи 15 күнүгэр – Өймөкөөҥҥө, сэтинньи 16 күнүгэр – Томторго сылдьыаҕа. Баһылык оробуочай сырыытыгар улуус тутаах  тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыыны ылыахтара.

Соторутааҕыта  улуус баһылыгын Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ эппиэттээх бэрэстэбиитэлэ Никифор Протопопов уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын  управлениетын салайааччыта Руслан Атласов нэһилиэктэринэн сылдьан, Олоҥхо ыһыаҕар аһынан-үөлүнэн кыттыһыы боппуруоһун дьүүллэстилэр. Ол курдук, эт уонна үүт астарынан, балыгынан, куобаҕынан, куһунан, сир аһынан уо.д.а. аһы-үөлү хааччыныыга  сыһыаннаах боппуруостары тула кэпсэтии буолла. Уопсай сүбэ мунньахха төһө кээмэй бородууксуйаны хомуйуохха сөбүн сүбэлэстилэр. Онтон олунньуга-кулун тутарга анал хамыыһыйа нэһилиэктэртэн хомуллубут аһы-үөлү Эбэ Хайатыгар муус штольняҕа (хаһан киириигэ) угуоҕа.

Recent Posts

  • Уопсастыба

ЫРЫСЫАП: Бэс туорахтаах эт

В. П. Ларионов аатынан физика-тиэхиньикэ лиссиэйин саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, СӨ үөрэҕин туйгуна, “Саха тылын, литэрэтиирэтин бастыҥ…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Кыһыҥҥы чөмпүйэнээт бастыҥ атлеттары түмүөҕэ

Тохсунньу 17-18 күннэригэр Дьокуускайга «Триумф» успуорт уораҕайыгар чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин кыһыҥҥы чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа. Күрэхтэһии…

48 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр корнхолга турнир ыытылынна

Нам сэлиэнньэтин Уопсастыбанньыктар дьиэлэригэр бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин икки ардыларыгар корнхолга бастакы турнир ыытылынна. «Тохсунньу томороон…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуустар икки ардыларынааҕы оптуобус сырыыта тохтотулунна

Тымныы күн-дьыл турбутунан, Горнай, Нам, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарыгар  муниципалитеттар икки ардыларынааҕы оптуобус сырыыта быстах…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Буратино» саҥа киинэ прокаттан 1,5 млрд солк. хомуйда

«Буратино» киинэ уопсай хомуура 1,5 млрд солкуобайы куоһарда. Бу Киинэ пуондатын Биир кэлим автоматизированнай информационнай…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: «Тайах оҕото» (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы  Ангелина Васильева-Дайыына  "Тайах оҕото"…

3 часа ago