Өймөкөөннөр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

Share

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Сивцев Томтор нэһилиэгэр Үрэх Төрдүгэр тутулла турар «Салгын Кут» историческай эбийиэги тутуу хаамыытын билистэ.

Бу туһунан баһылык Иннокентий Сивцевтэн үлэ хайдах баран эрэрин туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.

Хомойуох иһин, үлэ хаамыыта олох бытаан.  Үрэх Төрдүгэр турар саха улуу бөлүһүөгэ Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут сэргэлэрин, Өксөкүлээх өр кэмҥэ Сыромятниковтарга олорбут балаҕанын көрөөрү үгүс ыалдьыт, чуолаан, бу сиртэн Олоҥхо ыһыаҕын көрөн-истэн, билсэн саҕалыаҕа. Бэдэрээччит «Республика-2007» ХЭУо (сал. Г.С. Винокуров)  үлэтэ олус бытаан эбит.

Онон Томтор нэһилиэгин олохтоох салалтата сакаасчыт быһыытынан бу үлэни кытаанах хонтуруолга ыллаҕына табыллар, — диэн бэлиэтээтэ баһылык.

Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн улуус баһылыга Иннокентий Сивцев бу күннэргэ улуус нэһилиэктэринэн сылдьан, олохтоохтору, уопсастыбанньыктары кытта көрсөн кэпсэтиэҕэ, сүбэлэһиэҕэ. Ол курдук, баһылык көрсүһүүтэ сэтинньи 12  күнүгэр  – Төрүккэ, сэтинньи 13 күнүгэр  — Сордоҥнооххо, сэтинньи 14 күнүгэр – Үчүгэйгэ, сэтинньи 15 күнүгэр – Өймөкөөҥҥө, сэтинньи 16 күнүгэр – Томторго сылдьыаҕа. Баһылык оробуочай сырыытыгар улуус тутаах  тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыыны ылыахтара.

Соторутааҕыта  улуус баһылыгын Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ эппиэттээх бэрэстэбиитэлэ Никифор Протопопов уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын  управлениетын салайааччыта Руслан Атласов нэһилиэктэринэн сылдьан, Олоҥхо ыһыаҕар аһынан-үөлүнэн кыттыһыы боппуруоһун дьүүллэстилэр. Ол курдук, эт уонна үүт астарынан, балыгынан, куобаҕынан, куһунан, сир аһынан уо.д.а. аһы-үөлү хааччыныыга  сыһыаннаах боппуруостары тула кэпсэтии буолла. Уопсай сүбэ мунньахха төһө кээмэй бородууксуйаны хомуйуохха сөбүн сүбэлэстилэр. Онтон олунньуга-кулун тутарга анал хамыыһыйа нэһилиэктэртэн хомуллубут аһы-үөлү Эбэ Хайатыгар муус штольняҕа (хаһан киириигэ) угуоҕа.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Дьурустаан: «Инникитин устуоруйаны сэҥээрээччилэр туһаныахтара…»

Тохсунньу 9 күнүгэр Уус Алдан улууһугар Мүрүгэ "Түһүлгэ" киин балаҕан-дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Тыыныынан эмтэнии

Доруобай буолуу төрдө. Тыыныынан эмтэнии биир саамай былыргы  ньымата -- хатха-йога.  Биһиги кэммитигэр биир сиргэ…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныы кыһын буоларыгар

Күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий?  Бу туһунан И.М.Сосин  "Күн-дьыл билгэтэ" кинигэтигэр сиһилии суруллар.  Тымныы кыһын буоларыгар:…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫРЫСЫАП: “Сайаҕас” салаат

Дьааҥы улууһун Арыылаах орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна Петр Слепцов…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Идэтийии: өбүгэ үгэһин утумнааччылар»

Ахсынньыга Дьокуускайга оҕолорго уонна ыччаттарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрүт култуураҕа чөмпүйэнээт буолан ааспыта.   Төрүт сахалыы эйгэни…

14 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бит-билгэ туһунан

Сахалар билгэлэрэ Сахалар итэҕэллэринэн киэһэ таһырдьа улаханнык саҥарыа, айдаарыа суохтааххын, сир иччитин кыыһырдыаххын сөп.  Түүн…

15 часов ago