Өймөкөөн улууһугар Куйдуһун саҥа муостатынан быстах кэмҥэ айан суола олохтонно
Өймөкөөн улууһугар тутулла турар Куйдуһун муостатын тутар бэдэрээтчит «СтройМост» ХЭУо бүгүҥҥүттэн, ыам ыйын 14 күнүттэн, сүрүн тутууну түмүктээн, быстах кэмҥэ айан суолун аста.
«Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан 298 миэтэрэ уһуннаах муоста кылгас кэм иһигэр тутуллан бүттэ. Тутуу үлэтэ б.дь. олунньу ый бүтүүттэн саҕаламмыта. Бүгүҥҥүттэн ыла манна айан-сырыы олохтонно», — диэн СӨ айан суолун управлениетын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Виктор Игнатьев иһитиннэрдэ.
Томтор нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Айаал Неустроев бүгүн сарсыарда тутааччылары кытта тиийэн көрүстэ.
— Билиҥҥи туругунан тутуу сүрүн үлэтэ бүппүт. Аны күргэ тутуһар сыҥаһата (перила) уонна сатыы дьон сылдьар суола (пешеходная дорожка) оҥоһуллуохтаах. Маны таһынан, биэрэги бөҕөргөтөр үлэ барыахтаах.
Бүгүн эргиир суолга турар САРМ муостаны көтүрэллэр. Онон массыыналар аны Куйдуһун муостатынан сылдьыахтара.
Муоста сыҥаһата оҥоһулла илик буолан айан-сырыы сарсыарда 7 чаастан киэһэ 21 чааска эрэ диэри көҥүллэнэр. Хараҥарыыта айан-сырыы тохтуур. Бэдэрээтчит Куйдуһун саҥа муостатын үлэтин барытын бэс ыйын 15 күнүгэр түмүктээн, анал хамыыһыйаҕа туттарыаҕа, — диэн Айаал Неустроев иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: