3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа иһинэн “Кабинет памяти” диэн үлэлиир.
Бу кэбиниэккэ эрдэттэн суруйтаран, бастаан неврологка көрдөрөллөр. Быраас анаалыска, наада буоллаҕына, УЗИ-га, МРТ-га түһэргэ ыытар. Ол кэнниттэн килиниичэскэй (мэдиссиинискэй) психологка көрдөрүнэҕин.
Психолог дьоҕус бөлөх тэрийэн, нэдиэлэҕэ биирдэ когнитивнай дьарыгы ыытар. Бу дьарыктар 2 ый устата буолаллар.
Дьарыкка болҕомтону тутары, өйгө хатыыры, мэйиини эрчийэллэр, толкуйдууру, тарбах моторикатын сайыннараллар. Холобур, хоһоон, ырыа үөрэтэллэр, тарбаҕы дьарыктыыллар, мэйии икки салаатын тэҥинэн сайыннаран, уруһуйдууллар, араас эрчиллиилэри оҥороллор.
Психолог 2 ыйы быһа кэтээн көрөн, төһө тупсуу барбытын бэлиэтэнэр. Холобур, кэнники кэмҥэ 16 киһи дьарыктаммытыттан, 13 киһиэхэ биллэрдик тупсуу барбыта бэлиэтэммит.
Бу кэбиниэти үлэлэтэр килиниичэскэй психолог Наталья Иванованы кытта кэпсэттибит.
– Биһиэхэ 55-тэн үөһэ саастаах, бэйэтин доруобуйатыгар кыһаллар, өй-санаа өттүнэн сайда сатыыр киһи, ким баҕарар кэлиэн сөп. Манна диагноз оруола суох. Саастарынан арааран, бөлөхтөрү тэрийэбин. Олох түөһэйбиттэри ылбаппыт.
Дьон наһаа сөбүлээн сылдьар, дьарык кэннэ барыахтарын баҕарбаттар. Баҕалаах элбэх буолан, уочараттаах, ый курдук кэтэһиэххэ наада. Улуустартан эмиэ суруттараллар.
Саастаах дьоҥҥо сүрүн кыһалҕа – болҕомто тиийбэтэ, алтыһыы аҕыйаҕа, соҕотохсуйуу буолар эбит. Манна кэлэн, үөлээннээхтэрин кытта билсэн-көрсөн, алтыһан, дьарыктанан, олус сэргэхсийэллэр, сайдаллар, олоххо тардыһыылара улаатар.
Бүгүҥҥү олохпутугар өйү, мэйиини эрчийии аҕыйаатар аҕыйаан иһэр – хоһоону нойосуус үөрэтии, харчыны ааҕыы, садаачалары суоттааһын, төлөпүөн нүөмэрин өйгө тутуу, о.д.а. аны ирдэммэт курдук буолла. Төлөпүөҥҥүн арыйдыҥ да, ити барыта баар, өйгө тута сатаан, “эрэйдэммэккин”. Ол эрээри, дьарыктаабатахха, саҥа нейроннар үөскээбэттэр, мэйии сайдыбат, кэхтэн барар, ол сааһырар сааска түөһэйиигэ тиэрдэр.
Кэбиниэппитигэр олунньуттан саҕалаан, 50-тан тахса киһи дьарыктанна. Көрдөрүү үчүгэй, улахан аҥаардара көстө тупсан, эбиллэн, сайдан бараллар. Бу дьарыкка сылдьан баран, быраҕан кэбиспэккэ, дьиэлэригэр салгыы эмиэ дьарыктаналлар. Онон кинилэр кырдьан да баран, түөһэйбэт туһунан сыаналаах билиини, сатабылы ылан бараллар, – диэн Наталья Ивановна кэпсээтэ.
Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу кэбиниэт иһинэн “Ясный ум” диэн түмсүү үлэлиир. Бу түмсүүгэ кэбиниэккэ дьарыктаммыт дьон киирэллэр. Ыйга биирдэ араас исписэлиистэри кытта көрсүһүүлэр буолаллар. Кинилэр сөпкө тыынарга, аһыырга, сэрээккэлииргэ, ханнык битэмииннэри иһэргэ, о.д.а. үөрэппиттэрэ.
Онон аҕам саастаах дьон эмкэ эрэ эрэммэккэ, уопсай туругу тупсарарга, эти-сиини, өйү-санааны эрчийэргэ үөрэнэллэр. Бары мустан, айылҕаҕа да тахсаллар, холобур, Ботаническай саадка экскурсиялаабыттара.
– “Киһи киһиттэн үөрэнэр” диэн этии чахчы дьайыылаах эбит диэн түмүгү оҥордум. Дьарыктана кэлбит дьон ортотугар туохха эмит ситиһиилэммиттэр бааллар. Ким эрэ утуйбат буолууну хайдах кыайбытын кэпсиир, ким эрэ тыыныыга эрчиллэн, гаймориты суох гыммытын үллэстэр. Ону наһаа үчүгэйдик ылыналлар, туһаналлар.
60 сааһын ааһан баран, дзюдонан дьарыктанан, 66 сааһыгар успуорт маастара буолбут дьахтар кэлэн кэпсээбитин олус интэриэһиргээбиттэрэ. “Хаһан да хойут буолбатах”, “үөлээннээхтэрим ситиспиттэрин мин да кыайыахтаахпын” диэн санаалар олохсуйаллар, – диэн психолог кэпсээтэ.
Түөһэйии бастаан улаханнык биллибэт, киһи кыратык умнуган буолар. Холобур, сарсыарда ханнык эми испитин, тугу сиэбитин умнан кэбиһэр, ол эрээри, урут буолбуту чуолкай өйдүүр. Онтон олоххо интэриэһэ сүтэр, урукку сөбүлүүр дьарыктарын быраҕар, тугу да баҕарбат буолан хаалар. Куруук дьиксинэ, дьону уорбалыы сылдьар. Сааһырдаҕын аайы, умнугана күүһүрэн иһэр, бириэмэни булкуйар, сыыйа дьон аатын, урукку олоҕун умнар, чугас дьонун билбэт буолар.
Түөһэйии киһи толкуйдуурун, өйгө тутарын (память) уонна майгытын алдьатар. Өйдүүр, толкуйдуур, үөрэ-көтө сылдьар кыаҕын суох оҥорор. Төһөнөн бириэмэ барар да, бу кэһиллиилэр дириҥээн, бүтэһик уһугар кыра оҕотугар түһэн, бэйэтин кыайан хараммат, дьон көрүүтүгэр сылдьар киһи буолан хаалар.
Түөһэйиинэн ыалдьыы күннээҕи олох хаамыытыттан тутулуктаах буолан, аан бастаан олоххут тутулун уларытыҥ:
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…