Өйүүн планеталар парааттыыллар

Өйүүн планеталар парааттыыллар

01.06.2024, 18:15
Хаартыска: МаглиПогода
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 3 күнүгэр куйаарга планеталар параадтара буолуоҕа. Бу сэдэх көстүү 20 сылга биирдэ буолар диэн «Известия» суруйар.

Хаартыска: Магли Погода.

Хас да планета Күн биир өттүгэр бэйэ-бэйэлэриттэн чугас турдахтарына, планеталар параадтара диэн ааттыыллар. Икки планета сэргэстэстэҕинэ, параад буолбат, чугасыһыы эрэ диэн буолар.

3 планета сэргэстэһиитэ сылга хаста да буолар. 4 планета параадын сылга биирдэ көрүөххэ сөп. Онтон 5-6 планета сэргэстэһиитин 20 сылга биирдэ эрэ көрүөххэ сөп. Планеталар бука бары 170 сылга биирдэ эрэ парааттыыллар эбит.

Быйыл Меркурий, Юпитер, Марс, Сатурн, Уран уонна Нептун Күн биир өттүгэр сэргэстэһиэхтэрэ. Манна эбии өссө синньээн эрэр Ый кэлэн турунуоҕа. Ол эрээри, кинилэртэн Венера, Юпитер, Меркурий уонна Уран эрэ көнөтүк биир лииньийэҕэ туруохтара. Онон астрономнар бу кыра параат диэн ааттаатылар.
Анал бинокла, телескоба суох киһи бу парааты көрөр кыаҕа суох. Арай, Сатурн Күн тахсыан иннинэ сулус буолан чаҕылыйан көстүөҕэ. Сытыы харахтаахтар Марсы булан көрүөхтэрин сөп.
Планеталар парааттара Мосвка бириэмэтинэн түүн 3 чаас диэки буолар, ол аата биһиэхэ сырдык буолан, көстүбэт эбит. Ол эрээри, Москватааҕы планетарий астрономнара «планеталар бытааннык хамсыыр буоланнар, хас да күн устата көрүөххэ сөп» дииллэр.
Оттон астрологтар планеталар парааттара киһи-аймах олоҕор уларыйыылары аҕалар дииллэр. Араас быһылааннар, айылҕа алдьархайдара буолаллар үһү. Холобур, 1962 сыллаахха планеталар парааттарын кэннэ Карибскай кириисис саҕаламмыт, ол кэмҥэ ядернай сэрии буола сыспыт. 1989 сыллаахха — Сэбиэскэй Сойуус эстиитэ саҕаламмыт. Ол эрээри, наука өттүттэн бу көстүү дьайыытын үөрэтии, быһаарыы суох.
+1
10
+1
0
+1
1
+1
1
+1
5
+1
0
+1
6
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: