Салгыы
Екатерина Ноговицына: «Арктика улуустарыгар дьоҕус модульнай кулууптар тутуллуохтарын наада»

Екатерина Ноговицына: «Арктика улуустарыгар дьоҕус модульнай кулууптар тутуллуохтарын наада»

19.12.2024, 19:56
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин үгүс киһи олус болҕомтолоохтук истэр, ылынар. Дьааҥы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, СӨ бэрэстэбиитэллээх уорганнарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Екатерина Ноговицына санаатын бу курдук үллэһиннэ:

— Мин Коми суруналыыһын этиитин олус чугастык ылынным. Кини аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын биир өрүтүн олус бэркэ арыйда. Кырдьык, Арктика оройуоннарыгар дьон түөлбэлээн олорор сирэ уонна нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйах буолан, улахан куораттарга, киин сирдэргэ курдук киинэ тыйаатырдара тутуллар кыахтара суох. Онон сибээстээн, мин Арктика култууратын сайыннарар, өрө тардар инниттэн модульнай хочуолунайдары, биэлсэр пууннарын курдук түргэнник тутуллан киирэр дьоҕус модульнай култуура дьиэлэрин туталлара буоллар диэн баҕалаахпын. Бэйэм олорор улууспун холобурдаатахпына, Дьааҥыга кэлиҥҥи биэс сылга биир да култуура дьиэтэ тутуллубата.

Ил Дархан Айсен Николаев туһаайан этиитигэр «култуура земскэй үлэһиттэригэр» болҕомто уурары бэлиэтээбитэ. Дьиҥэр, үлэлии кэлэр эдэр исписэлиистэр эргэ кулууптарга буолбакка, ити мин этэр саҥа модульнай култуура дьиэлэригэр үлэлээтэхтэринэ, тыа сирин быдан тэтимнээмних сайыннарыахтара этэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: