Екатерина Ноговицына: «Арктика улуустарыгар дьоҕус модульнай кулууптар тутуллуохтарын наада»

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин үгүс киһи олус болҕомтолоохтук истэр, ылынар. Дьааҥы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, СӨ бэрэстэбиитэллээх уорганнарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Екатерина Ноговицына санаатын бу курдук үллэһиннэ:

— Мин Коми суруналыыһын этиитин олус чугастык ылынным. Кини аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын биир өрүтүн олус бэркэ арыйда. Кырдьык, Арктика оройуоннарыгар дьон түөлбэлээн олорор сирэ уонна нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйах буолан, улахан куораттарга, киин сирдэргэ курдук киинэ тыйаатырдара тутуллар кыахтара суох. Онон сибээстээн, мин Арктика култууратын сайыннарар, өрө тардар инниттэн модульнай хочуолунайдары, биэлсэр пууннарын курдук түргэнник тутуллан киирэр дьоҕус модульнай култуура дьиэлэрин туталлара буоллар диэн баҕалаахпын. Бэйэм олорор улууспун холобурдаатахпына, Дьааҥыга кэлиҥҥи биэс сылга биир да култуура дьиэтэ тутуллубата.

Ил Дархан Айсен Николаев туһаайан этиитигэр «култуура земскэй үлэһиттэригэр» болҕомто уурары бэлиэтээбитэ. Дьиҥэр, үлэлии кэлэр эдэр исписэлиистэр эргэ кулууптарга буолбакка, ити мин этэр саҥа модульнай култуура дьиэлэригэр үлэлээтэхтэринэ, тыа сирин быдан тэтимнээмних сайыннарыахтара этэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Арассыыйатааҕы спецназ университета дойду оборуонатыгар улахан суолталаах

Владимир Путин Арассыыйатааҕы спецназ университетын үлэтин пресс-кэмпириэнсийэтин кэмигэр үрдүктүк сыаналаата. "Арассыыйа оборуонатыгар Арассыыйатааҕы спецназ университета…

59 минут ago
  • Сонуннар

Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипотеката оннунан хааларын эттэ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиир кэмигэр билиҥҥитэ Арктика эрэгийиэннэригэр куораттары биирдиилээн сайыннарыы бырагыраамата үлэлиирин,…

1 час ago
  • Сонуннар

Василий Миронов: «Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар «Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагырааманан үлэлиэхпит»

СӨ Аҕа баһылыгын иһинэн үлэлиир инновационнай менеджмент Үрдүкү оскуолатын ректора Василий Миронов дойду Аҕа баһылыгын…

1 час ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Төрөөһүн көрдөрүүтүн көннөрүөхпүтүн наада!»

Бэрэсидьиэн Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэ быһа эпииригэр демография боппуруоһун тумнубата. Арассыыйаҕа икки төгүл төрөөһүн улаханнык түһэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Арктикаҕа бииргэ үлэлээтэххэ эрэ түмүктээх дьыала ситиһиллиэ

Константин Роббек, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар боломуочунай: -- Ил Дархан туһаайан этиитин…

2 часа ago
  • Сонуннар

Бэрэсидьиэнтэн биэс оҕолоох ийэ ыйытар

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирин кэмигэр Сургуттан биэс оҕолоох ийэ, биир оҕото инбэлиитин, былырыын…

2 часа ago