Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх үлэни тэрийиигэ сэминээр салҕанар.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы сибээс систиэмэтин оҥорууга уопуттарын туһунан Амур уобалаһын губернаторын уонна бырабыыталыстыбатын аппараатын салайааччытын солбуйааччы Екатерина Снежко кэпсээтэ:
— Биһиги бүгүҥҥү сэминээргэ кыттарбытыттан астынан турабыт. Амур уобалаһыттан Саха сиригэр эстафетаны туттарабыт диэххэ сөп. Амур уобалаһыгар маннык сэминээр быйыл алтынньы бүтүүтэ ыытыллыбыта. Маннык тэрээһиннэргэ атын эрэгийиэнтэн дьону ыҥыран кытыннарар олус суолталаах, тоҕо диэтэххэ, эрэгийиэннэр араастар эрээри, билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир. Биһиги бары анал байыаннай дьайыыттан уолаттарбыт кэллэхтэринэ туох буолуой, эйэлээх олоххо хайдах төннүөхтэрэй, диэн кыһаллабыт. Төһө да бары биир сыаллаах үлэлээтэрбит, кыаллыбат кыһалҕалар бааллар, ону маннык түмсэн, уопут атастаһан быһаарарбыт тоҕоостоох. Амурга буолан ааспыт сэминээр түмүгүнэн оробуочай бөлөх тэриллэн үлэлииргэ саҥа хайысхалар быһаарыллаллар. Холобур, туох кыһалҕалааххытый диэн хас даҕаны тэрилтэттэн, хос-хос тиийэн ыйыталларын анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэрэ сөбүлээбэттэрин биллэрэллэр. Итинник суох буоларын курдук, кинилэри биир кэлим баазаҕа киллэрэн, тэрилтэ барыта туһанарын курдук дьиэ кэргэн пааспарын оҥоруохха диэн этии баар. Оччоҕо хос-хос биир боппуруоһунан сүүрбэккэ, баазаттан көрөн көдьүүстээх көмө оҥоһуллуо, үлэ систиэмэлэниэ этэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: