Экэниэмикэ министиэристибэтэ экэниэмикэ сулууспатын үлэһиттэригэр сэминээр тэрийдэ
Сэминээргэ Саха сирин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын дьаһалталарын экэнэмиичэскэй сулууспаларын үлэһиттэрин кытта «Территориальный аспект Прогноза социально-экономического развития Республики Саха (Якутия) на 2025-2027 годы» диэн тиэмэҕэ ырытыыны дьүүллэстилэр. Бу туһунан Саха сирин Экэниэмикэҕэ министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
«Сэминээр сүрүн сыала – Саха сирин муниципальнай тэриллиилэрин кэлимник сайыннарыытын хааччыйыы», — диэн бэлиэтээтэ экэниэмикэҕэ миниистир Петр Попов.
Тэрээһиҥҥэ демография, үлэ ырыынагын уонна тыа хаһаайыстыбатын сүрүн көрдөрүүлэрин, ону тэҥэ «баалабай муниципальнай бородуукта», «тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйата» уонна «сүрүн хапытаалга инвестицияны тардыы» туспа көрдөрүүлэрин дьүүллэстилэр.
«Сэминээр түмүктэрэ бары кыттааччыларга көдьүүстээхтэр, оттон сүбэни-аманы олоххо уонна үлэҕэ туһаныахтара, хаачыстыбалаах таһымҥа докумуоннары бэлэмнээһиҥҥэ көмөлөһүөхтэрэ», — диэн эбэн эттэ Петр Попов.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: