Экологическай дьыктаан ыытыллыаҕа

Share

Ахсынньы 5 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан буолуоҕа. Дьыктаан сыала-соруга — экология култууратын иҥэрии, билиини-көрүүнү хаҥатыы.

Экологическай дьыктаан аан бастаан 2019 сыллаахха ыытыллыбыта. Онно 45 эрэгийиэҥҥэ 80 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта. 2022 сылга кыттааччы ахсаана 4,23 мөлүйүөн киһиэхэ тиийбитэ, 89 эрэгийиэн бары кыттыбыттара.

Тэрээһин онлайн-көрүҥүнэн  Экодиктант.рус порталга уонна бибилэтиэкэлэргэ ыытыллар. Арассыыйа ханнык баҕарар олохтооҕо кыттар кыахтаах.

Бу аахсыйа чэрчитинэн, экологтар, волонтердар бөҕү арааран хомуйуу суолтатын туһунан лиэксийэлэри ааҕыахтара.

Бу күн «Меняем крышки и батарейки на конфеты» диэн экологическай аахсыйа ыытыллыаҕа. Былаастык хаппахтары уонна туһаныллыбыт батарыайкалары хомуйан, анал сиргэ туттарыахтара. Аахсыйа ахсынньы 5 күнүттэн 28 күнүгэр диэри ыытыллар. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

8 часов ago