Экология министиэристибэтэ Саха сиригэр 2,5 тыһ. тахса рейдэлэри оҥордо

Share

Саха сиригэр Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 2 580 рейдэлэри ыытта.

«Сыл саҕаланыаҕыттан ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын 113 кэһиитэ арылынна. Буруйдаахтар Административнай буруйу оҥоруу Кодексынан  эппиэтинэскэ тардылыннылар. Ол курдук, 1 мөл. 210 тыһ. солк. 8 административнай ыстараап быһаарыыта ылылынна. 78 сэрэтии бэрилиннэ», — диэн Экология министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

Маны таһынан тыаҕа уоту күөдьүтүүгэ  13 буруйдаахтары буллулар: иккилии киһи — Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа уонна Ньурбаҕа, биирдии киһи — Нерюнгри, Бүлүү улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка. Үс киһи 150 тыһыынча солк. суумалаах ыстараап төлөөтө, онтон атын үс буруйдаахха сэрэтии бэрилиннэ. Билигин 7 дьыала үөрэтиллэр. Саха сиригэр ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуһууга 1 615 инструктаж ыытылынна, баһаартан сэрэхтээх буолуу  14 661 кумааҕынан иһитиннэриилэр тарҕаннылар, социальнай ситимнэринэн 4 155 иһитиннэрии таҕыста.

Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ыксаллаах-быһыы майгы эрэсиимнэрэ үлэлииллэр. Ону таһынан  гражданнар тыаҕа сылдьалларыгар уонна аһаҕас уоту туһаналларыгар хааччахтар киирбиттэрэ. Экология чахчыларынан, быйылгы сылга 772 гражданиҥҥа ойуурга сылдьалларыгар акаастаммыта, тыаҕа киирэр аартыкка 226 шлагбаум туруоруллубута.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

38 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago