Бэҕэһээ, муус устар 17 күнүгэр, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин үлэтин хааччыйар Киин дириэктэрин солбуйааччы Александр Попов салайааччылаах 8 киһилээх үлэлиир бөлөх айылҕа харыстабылын боппуруостарыгар икки былаһаакканан Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы киин бибилэтиэкэҕэ сэминээр ыытта.
Сэминээргэ Андрей Собакин салайааччылаах Намнааҕы судаарыстыбаннай, экологическай кэтээн көрүү иниспиэктэрэ, улуус дьаһалтатын, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр салайааччылара, исписэлиистэрэ, урбаанньыттар, булчуттар, балыксыттар, интэриэстээх дьон кыттыыны ыллылар. Сэминээргэ тулалыыр эйгэҕэ антропогеннай уонна техногеннай дьайыы күүһүрэн иһиитин намтатыыга үлэни ыытыы, айылҕаҕа куһаҕаннык дьайар эбийиэктэри учуоттааһын, тулалыыр эйгэни киртитэр эттиктэр испииһэктэрин билиһиннэрии уонна тулалыыр эйгэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыы, биология ресурсаларын көдьүүстээхтик туһаныы туһунан иһитиннэриилэри оҥордулар.
Булчуттарга, балыксыттарга – бултааһын, балыктааһын сокуонугар саҥа киириилэри, ирдэбиллэри, нэһилиэнньэ экологическай култууратын итиэннэ өрөспүүбүлүкэ гражданскай уопсастыбатын эппиэтинэһин үрдэтии туһунан кэпсээтилэр диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ону таһынан уопсастыбаннай иниспиэктэрдэр үлэлэригэр киирбит уларыйыылары билиһиннэрдилэр. Киирбит ыйытыктарга хоруйдаатылар. Сэминээри ыытааччылар, сирбитин-уоппутун дьадатан, тыынар салгыммытын уонна иһэр уубутун киртитэн, айылҕаттан ыларбыт эрэ сатамматын, экэниэмикэни сайыннарарбытыгар, ханнык баҕарар бырайыактары былаанныырбытыгар туох ханнык иннинэ сирбитигэр-уоппутугар кыһаныахтаахпытын, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии киһитэ дьоллоохтук олорорун туһугар чэгиэн, ыраас эйгэни хааччыйыахтаахпытын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…