Бүгүн Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр миниистири бастакы солбуйааччы Дьулустаан Хон салалтатынан нэдиэлэтээҕи мунньахтара уратытык ааста.
Үгэс буолбут аактабай саалаҕа олорон мунньахтыыр оннугар, департаменнар, отделлар салайааччылара нэдиэлэтээҕи боппуруостарын уонна соруктарын анал байыаннай дьайыыга анаан маскировкалыыр сиэккэлэри баайа сылдьан ыыттылар.
Бу иннинэ, сэтинньи 7 күнүгэр, иистэнньэҥ волонтердар министиэристибэ үлэһиттэрин сиэккэни хайдах баайаарга үөрэппиттэрэ.
«Билигин, эбиэттиир сынньалаҥ эбэтэр, бүгүҥҥү курдук, дьыаланы быһаарса таарыйа, анал байыаннай дьайыыга ыытарга маннык оҥоһуктары бэлэмниэхпит. Кинилэр саллааттарга сэби-сэбиргэли уонна байыаннай тэриллэри маскировкалыырга туһалаах буолуохтара. Хас биирдии таҥас лоскуйа биһиги байыастарыбытын быыһыан сөп!», — диэн санааларын үллэһиннилэр министиэристибэ үлэһиттэрэ.
Биллэн турар үүнэр оҕо организмыгар ас-үөл көрүҥэ араас буолуохтаах. Ол эрээри, маҕаһыыннарга ыһылла-тоҕулла турар сорох…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин элбэх хайысхалаах оҕо биригээдэтэ Муома оройуонугар үлэлbир. Мэдиссиинэ 15 үлэһитэ, ол иһигэр Арассыыйа…
"Цифровой алмаас" пуорум чэрчитинэн Хакатон күрэхтэһиитэ буолан ааста. АГАТУ инженернэй факультетын 4 куурсун устудьуона Петр…
ИДьМ 3 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар биллибэт киһи учаастактан тимир профлиистэри уорбутун туһунан тыллаабыттар. Хоромньу…
Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, Аллараа Бэстээххэ ГАИ үлэһиттэрэ Тойота Ипсум мааркалаах массыыналаах 28 саастаах суоппары …
Сэтинньи ортолоон, Саҥа дьылга бэлэмнэнии саҕаланна. Маҕаһыыннарга, ырыынактарга күүтүүлээх аптаах бырааһынньык сүрүн бэлиэлэрэ - оҥоһуу…