Экоуруоктары оҕолор олус биһирииллэр

Share

Тулалыыр эйгэ харыстабылыгар анаммыт уруоктары оҕолор олус сэҥээрэллэр. Быйылгы сылга 1 997 уруокка 68 009 үөрэнээччи сылдьыбыт. Үөрэх «Экология» национальнай бырайыак иитинэн ыытыллаллар.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар экологическай үөрэхтээһин уруоктарын тиһиктээхтик ыытта. Олус интэриэһинэй уонна болҕомтону тардар, сэҥээриини ылар уруоктар уһуйааннарга, оскуолаларга, орто анал уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр, ону таһынан түмэллэргэ, бибилэтиэкэлэргэ, уопсастыбаннай кииннэргэ ыытыллаллар.

Экологияны кэтээн көрөр иниспиэктэрдэр сир күнүгэр, чыычаахтары, туруйалары харыстааһын, Саха сирин айылҕатын харыстыыр экологическай билии, уо.д.а. бэлиэ күннэринэн уруоктары ыыталлар. Уруокка араас куонкурустар, оонньуулар, билиини-көрүүнү тургутуулар ыытыллаллар. Маны таһынан, кыыл-сүөл атаҕын суолун сымнаҕас маассаҕа түһэрэн ылбыттарын, хатарыллыбыт интэриэһинэй үүнээйилэри көрдөрөллөр, көтөрдөр саҥаларын аудиоҕа устубуттарын иһитиннэрэллэр. Бу барыта оҕолору олус сэҥээрдэр, билиэх-көрүөх баҕаларын күүһүрдэр. Ону сэргэ,  «Птицы Якутии» кэтээн көрөөччүлэргэ, бу 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр,  3 000 солк. бириистээх орнитологическай куонкурус ыытыллар. Куонкуруска «Летние учетные маршруты птиц Якутии», «Жизнь одной птицы», «Птица-краснокнижник» номинацияларынан кыайыылаахтар быһаарыллаллар.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сылга «Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологическай туругун туһунан» Ыйаахха илии баттаабыта. Онно сүрүн соругунан уопсастыба экологическай култууратын уонна эппиэтинэһин үрдэтии буолар. Экологическай уруоктар тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны олохтуурга туһаайыллаллар.

«Экология» национальнай бырайыак 2019-2024 сс. диэри кэмҥэ Арассыыйа национальнай бырайыактарыттан биирдэстэринэн буолар. Бу Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан 2018 сыллаахха олохтоммута. Бырайыак сыала-соруга экологическай быһыыны-майгыны тупсарарга туһуланар. Маныаха «Экология» национальнай бырайыак иитинэн, Саха сирин территориятыгар «Чистая страна»; «Сохранение лесов»; «Комплексная система обращения с ТКО»; «Чистая вода» диэн эрэгийиэн таһымнаах бырайыактар олоххо киллэриллэллэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

42 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

58 минут ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»

Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Эдьигээҥҥэ аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ кэккэ соруктары туруорда

Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…

3 часа ago