Үөрэххэ уларытыы-тэлэритии, саҥаны киллэрии сыллата барар. Кэлин онтон соһуйбат, олох хаамыытын быһыытынан ылынар буоллубут. Быйылгы оскуоланы бүтэрээччилэргэ сыһыаннаах сүрүн уларыйыылары кытта билсиҥ.
Биир кэлим эксээмэн сүрүн түһүмэҕэ ыам ыйын 23 күнүттэн саҕаланар. Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр иһитиннэрбитэринэн, быйыл Саха сиригэр барыта 7600 кэриҥэ оҕо эксээмэн туттарыахтаах.
Тэҥнэбил быһыытынан ылан көрдөххө, 2020 сыллаахха 8087 оскуоланы бүтэрээччи баарыттан, үрдүк үөрэххэ туттарсар баҕалаах 5288 киһи биир кэлим эксээмэни туттарбыта. Коронавирус дьаҥа өрө туран, эксээмэн иккитэ көспүтүн өйдүүр буолуохтааххыт.
Технология сайдан, онлайн кэтээн көрүү сыыйа эбиллэн иһэр. Холобура, биэс сыллааҕыта 876 аудиторияттан 582-гэр (66,4%) онлайн көрө олорор эбит буоллахтарына, быйыл үлэлиэхтээх 956 аудиторияттан 651-гэр кэтээн көрүөхтэрэ.
Оҕолор ханнык биридимиэттэри талалларый?
Оҕолор булгуччулаах биридимиэттэри (математика, нуучча тыла) таһынан талан туттарар эксээмэннэрдээхтэр. Биллэн турар, бу оҕо ханнык үрдүк үөрэххэ киириэн баҕарарыттан тутулуктаах. Дойду үрдүнэн кэтээн көрүү туоһулуурунан, кэлиҥҥи сылларга АйТи, мэдиссиинэ идэлэригэр туттарсааччылар элбэхтэр. Бу күннээҕи олохпутун, үлэ ырыынагын, хамнаһы кытта ыкса ситимнээх диэн быһаарыахха сөп.
Быйыл оскуоланы бүтэрээччиттэн төһөтө ханнык эксээмэни талбытын ылан көрүөҕүҥ.
Нуучча тыла – 95%
Математика (уустугурдуллубут) – 30 %
Математика (судургутутуллубут) – 64 %
Физика – 10 %
Химия – 10 %
Информатика – 18 %
Биология – 15 %
Устуоруйа – 11 %
География – 2 %
Аангылыйа тыла – 10 %
Обществознание – 35 %
Литэрэтиирэ – 10 %.
11-с кылааһы бүтэрээччилэр талар эксээмэннэрэ салгыы үрдүк үөрэххэ туттарсыыларын кытта ситимнээх. Обществознание элбэх идэҕэ ирдэнэрин быһыытынан, талар да дьон ахсаана элбэх.
2020 сыллаахха биир кэлим эксээмэни 5288 оҕо туттарбытыттан, нуучча тылын 5243, математиканы (уустугурдуллубут) 2835, обществознаниены 2244, физиканы 1106 туттарбыт. Саамай аҕыйах литэрэтиирэ (592) уонна география (142) биридимиэттэрин талыы буолбут. Кэлин физиканы талар оҕо ахсаана аҕыйаан иһэрин, бу кэлин охсуулаах буолуоҕун аналитиктар номнуо быһааран тураллар, ол бу икки тэҥнэбил сыыппараларга көстөр.
Түмүк 4 сыл суолталаах
Өскөтүн ааспыт сыллардаахха, оскуоланы урукку сылларга бүтэрбиттэр сүрүн түһүмэх иннинээҕи түһүмэххэ (досрочный период) туттарыахтарын сөп эбит буоллаҕына, быйылгыттан сүрүн түһүмэх (основной период) саппаас күннэргэ эрэ туттарар кыахтаахтар.
Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгэ 4 сыл суолталааҕынан ааҕыллар, ол эбэтэр ити сыл иһигэр хаттаан эксээмэн туттарбакка, үрдүк үөрэххэ киириэххэ сөп. Холобур, быйыл 2020, 2021, 2022, 2023, 2024 сыллааҕы биир кэлим эксээмэн түмүктэрэ учуоттаналлар.
Аттестат ыларга туох ирдэнэр?
11-с кылаас аттестаатын ыларга оҕолор икки булгуччулаах биридимиэккэ — судургутутуллубут математикаҕа 3 баалтан аҕыйаҕы, нуучча тылыгар 24 баалтан кыраны ылыа суохтаахтар. 9-с кылааһы бүтэрбити туоһулуур аттестаты ылар туһугар түөрт биридимиэккэ эксээмэни ааһар ирдэнэр: икки булгуччулаах (математика, нуучча тыла) уонна иккини талар. Мантан аттаран таһаардахха, оскуоланы бүтэрээччилэрдээҕэр тохсус кылаастартан ирдэбил кытаанах.
Үрүҥ көмүс мэтээл
Урут оскуоланы бүтэрээччилэргэ үрүҥ көмүс мэтээл баарын сотон баран, быйылгыттан хаттаан киллэрдилэр. Бука, оҕону үөрэххэ көҕүлүүр биир ньыма буоларын өйдөөн эрдэхтэрэ, кыһыл көмүс мэтээлгэ ахсааннаах үөрэнээччи суоттанар. Дьэ, онон оҕо “Үөрэххэ ураты ситиһиитин иһин” II истиэпэннээх (үрүҥ көмүс) мэтээл хат эргиллэн кэллэ. Манна ирдэниллэр алын баал (порог) арыый намыһах. Өскөтүн кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктээччилэр 10-
11-с кылаастарга сыаналара барыта кылыгырас “биэс” уонна нуучча тылыгар, биир талар биридимиэккэ эксээмэннэрэ 70-тан итэҕэһэ суох баал ирдэнэр эбит буоллаҕына, үрүҥ көмүс мэтээлгэ киирсээччилэр 60-тан кырата суох баалы ылыахтаахтар. Ол эбэтэр икки ирдэбил турар: Бастакытынан, аттестаатыгар элбээбитэ икки эрэ биридимиэккэ “түөрт” сыаналаах, уоннааҕыта барыта “биэс” буолуохтаах. Иккиһинэн, биир кэлим эксээмэҥҥэ нуучча тылын уонна биир талар биридимиэти 60 баалтан кыраҕа туттарыа суохтаахтар.
Биир биридимиэти хаттаан туттарыы
Дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан быйыл оҕолорго эксээмэн биир биридимиэтин хаттаан туттарарга кыах бэрилиннэ. Бу иннинээҕи сылларга эксээмэн түмүгүн тупсарыахтарын баҕардахтарына, ол сыл буолбакка, эһиилигэр эрэ көҥүллэнэрэ. Ханнык биридимиэти туттаралларын оҕолор бэйэлэрэ билэллэр. Ол эрээри, хаттаан туттарар түгэннэригэр инники бааллара сотуллар. Онон иккистээн холонооччулар үчүгэйдик толкуйданан баран киирэллэрэ ирдэнэр. Итиэннэ, холобур, аангылыйа тылыгар эксээмэн икки чаастан турар (суругунан уонна тылынан). Хаттаан туттаралларыгар бу биридимиэт икки чааһыгар иккиэннэригэр эксээмэн туттараллар, биирин эрэ тупсарар кыаллыбат. Хаттаан туттарыыга от ыйын 4 уонна 5 күннэрэ анаммыттара.
Ууга барыан сөптөөх эксээмэн ыытыллар пууннарыгар саппаас былааннар толкуйдаммыттара
Алевтина Аргунова, үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы:
– Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биир кэлим эксээмэни уонна сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ бэлэмнэниини тэрийиигэ уонна ыытыыга, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэлиир. Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа ыстааба туох эмэ ыксаллаах түгэн үөскээтэҕинэ, суһаллык дьаһанар.
Ууга барыан сөптөөх эксээмэн ыытыллар пууннаах бары улуустарга саппаас былааннар толкуйдаммыттара: ыксаллаах түгэн буоллаҕына, эксээмэн ыытар пууну көһөрөр, үлэни ыытар миэстэлэр быһаарыллыбыттара, бэлэмнэниллибиттэрэ. Эксээмэн ыытар пууну көһөрүүгэ сыһыарыллыбыт дьоҥҥо туһааннаах ыйар-кэрдэр үлэ барбыта.
Үс сэлиэнньэ ууга барбыт Өлүөхүмэ улууһугар халаан уустук балаһыанньата ааста. 476 №-дээх эксээмэн тутар пуун ууга барар кутталлааҕа. Билиҥҥитэ уу түстэ, куттал ааста, ыам ыйын 15 күнүгэр биир кэлим эксээмэн ыытыллыытыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы технологияны тургутан көрүүгэ кыттар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро сэлиэнньэтигэр халаан уутунан сибээстээн, ыксаллаах быһыы биллэриллибитэ, онно 279 №-дээх эксээмэн тутар пуун баар. Уу киритиичэскэй таһымҥа тахсар түгэнигэр, эксээмэн тутар пууну эрдэттэн толкуйдаммыт саппаас исхиэмэҕэ олоҕуран, атын сиргэ көһөрөр туһунан быһаарыы ылыныллыаҕа.
Оттон уустук балаһыанньа үөскүөн сөптөөх эксээмэн ыытыллар атын пууннарын кыраҕытык кэтээн олоробут, — диэн өссө ааспыт нэдиэлэҕэ иһитиннэрбитэ.
Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…