Эксээмэннэр чугаһаабыттарынан сибээстээн, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ, Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин суруналыыстарга анаан пресс-кэмпириэнсийэ биэрдилэр. Онтон сүрүн уларыйыылары уонна ааҕааччыларбыт сэҥээрэр ыйытыыларын сырдатабыт.
Ханнык биридимиэти ордук талаллар эбит?
“11-с кылааһы бүтэрээччилэр талар эксээмэннэрэ салгыы үрдүк үөрэххэ үөрэниилэрин кытта ситимнээх. Онон сүрүннээн обществознаниены талаллар, бу биридимиэт элбэх үрдүк үөрэх кыһатыгар ирдэнэр. Иккис миэстэҕэ математика (уустугурдуллубут) үһүскэ информатика тураллар” – диэн Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин салайааччыта Надежда Попова иһитиннэрдэ.
Биир кэлим эксээмэн-2024 (11-с кылаас)
Нуучча тыла – 95%
Математика (уустугурдуллубут) – 30 %
Математика (судургутутуллубут) – 64 %
Физика – 10 %
Химия – 10 %
Информатика – 18 %
Биология – 15 %
Устуоруйа – 11 %
География – 2 %
Аангылыйа тыла – 10 %
Обществознание – 35 %
Литэрэтиирэ – 10 %.
Сүрүн судаарыстыбаннай эксэмээн-2024 (9-с кылаас)
Нуучча тыла – 87 %
Математика – 90 %
Физика – 10 %
Химия – 9 %
Информатика – 43 %
Биология – 26 %
Устуоруйа – 5 %
География – 30 %
Аангылыйа тыла – 8 %
Обществознание – 39 %
Литэрэтиирэ – 3 %.
“Тохсус кылааһы бүтэрээччилэр сүрүннээн информатика, обществознание уонна география биридимиэтин талаллар. Икки сыл анараа өттүгэр букатын атын этэ, географияны элбэх оҕо талара. Информатика компьютернай көрүҥүнэн туттарыллар буолуоҕуттан, информатика инники таҕыста” – диэн Надежда Попова иһитиннэрдэ.
Урукку сылларга бүтэрбиттэр хаһан туттараллар?
“Өскөтүн ааспыт сыллардаахха оскуоланы урукку сылларга бүтэрбиттэр сүрүн түһүмэх иннинээҕи түһүмэххэ (досрочный период) туттарыахтарын сөп эбит буоллаҕына, быйылгыттан сүрүн түһүмэх (основной период) эрэсиэрбэҕэ күннэригэр эрэ туттарар кыахтаахтар” – диэн эттэ.
Биир кэлим эксээмэн түмүгэ
Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгэ 4 сыл суолталааҕынан ааҕыллар, ол эбэтэр ити сыл иһигэр хаттаан эксээмэн туттарбакка, үрдүк үөрэххэ киириэххэ сөп. Холобур, быйыл, 2020, 2021, 2022, 2023 сыллааҕы биир кэлим эксээмэн түмүктэрэ учуоттаналлар.
Аттестат ыларга туох ирдэнэр?
11-с кылаас аттестатын ыларга оҕолор икки булгуччулаах биридимиэккэ — судургутутуллубут математикаҕа 3 баалтан аҕыйаҕы, нуучча тылыгар 24 баалтан кыраны ылыа суохтаахтар.
9-с кылааһы бүтэрбити туоһулуур аттестаты ылар туһугар түөрт биридимиэккэ эксээмэни ааһар ирдэнэр: икки булгуччулаах (математика, нуучча тыла) уонна икки талар.
Оскуоланы мэтээлинэн бүтэрээччилэр
“Быйылгыттан “Үөрэххэ ураты ситиһиитин иһин” II истиэпэннээх (үрүҥ көмүс) мэтээл баар буолла. Манна ирдэниллэр алын баал (порог) арыый намыһах. Өскөтүн кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктээччилэр 70-тан итэҕэһэ суох баалы ылыахтаах эбит буоллахтарына, үрүҥ көмүс мэтээлгэ киирсээччилэр 60-тан кырата суох баалы ылыахтаахтар” – диэн салайааччы быһаарда.
Ол эбэтэр икки ирдэбил турар: Бастакытынан, аттестатыгар элбээбитэ икки эрэ биридимиэккэ “түөрт” сыаналаах, уоннааҕыта барыта “биэс” буолуохтаах. Иккиһинэн, биир кэлим эксээмэҥҥэ нуучча тылын 60 баалтан кыраҕа туттарыа суохтаах эбэтэр судургутутуллубут математикаҕа 5 баалы ылыахтаах (нуучча тылын уонна математиканы (базовай) эрэ туттарааччылар).
Биир биридимиэти хаттаан туттарыы
Дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан быйыл оҕолорго эксээмэн биир биридимиэтин хаттаан туттарарга кыах бэрилиннэ. Бу иннинээҕи сылларга эксээмэн түмүгүн тупсарыахтарын баҕардахтарына, ол сыл буолбакка, эһиилигэр эрэ көҥүллэнэрэ. Ханнык биридимиэти туттаралларын оҕолор бэйэлэрэ билэллэр. Ол эрээри, хаттаан туттарар түгэннэригэр инники бааллара сотуллар. Итиэннэ холобур, аангылыйа тылыгар эксээмэн икки чаастан турар (суругунан уонна тылынан). Хаттаан туттаралларыгар бу биридимиэт икки чааһыгар иккиэннэригэр эксээмэн туттараллар, биирин эрэ тупсарар кыаллыбат.
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…