Эксээмэни ырытыһыы буолбут

Share

Судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестацияны (ГИА) тупсарыынан Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай ырытыһыы иитинэн эксээмэннэри тэрийиигэ-технологическай чааһын тупсарыыга уонна ГИА-2030 сайдыытыгар аналлаах сиэксийэлэри ыыппыттар.  

Сиэксийэ кыттыылаахтара дьонтон, эспиэртэртэн, парламентарийдартан, уопсастыбаннай диэйэтэллэртэн киирбит этиилэри көрбүттэр уонна ону олоххо киллэрии кыаҕын, туһатын туһунан бэйэлэрин санааларын эппиттэр.

Чуолаан сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (9-с кылаас) талар биридимиэттэртэн аккаастанан сүрүн биридимиэттэри (математика, нуучча тыла) эрэ туттараллар дуу, билиҥҥи көрүҥүнэн (икки булгуччулаах, икки талар) хаалларабыт дуу, талар биридимиэтин элбэтэбит дуу эбэтэр олору араас хайысхалаах метапредметнай эксээмэннэринэн солбуйабыт дуу диэн ырытыспыттар. Үгүстэр билиҥҥи тутулунан икки булгуччулаах, икки талар биридимиэти хаалларыҥ диэн этиммиттэр.

Быйылгы сыллааҕы саҥаны киллэрии – оскуоланы бүтэрээччилэр биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) биир биридимиэтин талан хаттаан туттаралларыгар кыах биэриини кыттааччылар бары биһирээбиттэрин туһунан суруйаллар. Ол эрээри, иккиттэн биир ордук көрдөрүүтүн талларыахха диэн этиигэ дьон санаата хайдыспыт. Санатан эттэххэ, быйыл оҕо биир кэлим эксээмэн биир мөлтөх сыананы ылбыт биридимиэтин иккистээн туттарарыгар кыах биэрбиттэрэ. Ол гынан баран, оччотугар бастакы эксээмэн түмүгэ сотуллар, иккис эрэ эксээмэн сыаната учуоттанар диэн усулуобуйалааҕа.

Бу, эксээмэни ырытыһыы сорох өрүттэрин эрэ быһа тардан сырдаттым. Сэҥээрбит дьон сиһилии Үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа (Рособрнадзор) саайтыгар киирэн ааҕыаххытын сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago