Салгыы
Өксөкүлээх Өймөкөөҥҥө сэттэтэ сылдьыбыта

Өксөкүлээх Өймөкөөҥҥө сэттэтэ сылдьыбыта

23.07.2023, 18:42
Хаартыска: ааптар түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Өймөкөөн улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ХVI ыһыаҕар тоҕуоруспут дьон үксэ Тымныы оройунан биллэр дойду кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн сылдьыан, элбэҕи билиэн-көрүөн баҕарбыта чуолкай. Билэрбит курдук, Өймөкөөн Чысхаанын сэргэ, элбэх аатырар-сураҕырар дьоннордоох, таабырыннаах айылҕалаах, ытык уонна кэрэ-бэлиэ сирдэрдээх.

Мин саха литературатын төрүттэээччи, айар тыл аҕата Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй уопсайа сэттэтэ сылдьыбыт бу улууһугар тиийэн, кини үйэ анараа өттүгэр хаампыт сирдэринэн сылдьыбыт, туруорбут сэргэлэрин илиим иминэн таарыйан ылбыт, кини үрдүк аатыгар сүгүрүйбүт киһи диэн кичэм санаалааҕым. Онуоха Олоҥхо ыһыаҕа аһыллыытыгар Өксөкүлээх Өлөксөй бу дойдуга ыһыах ыспыта оруобуна 99 сыла буолбутун тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэрин истэн, мээнэҕэ кэлбэтэх эбиппит дии санаан үөрбүтүм.

Ыһыах бырагырааматыгар Өксөкүлээххэ аналлаах элбэх тэрээһин баарыттан (дэлэҕэ даҕаны биир ыалдьыт «Өймөкөөннөр Өксөкүлээҕи хайа да улуустааҕар өрө туталлар эбит!» диэн сөҕүө-махтайыа дуо) «Өксөкүлээх Өлөксөй уонна аныгы кэм» диэн истиҥ-иһирэх кэпсэтиини истэн сүөм үрдээтибит.

Дойдутун устуоруйатын үөрэтиинэн утумнаахтык дьарыктанар кыраайы үөрэтээччи, элбэх кинигэ ааптара Тамара Васильева ыһыах элбэх тэрээһиниттэн уонна атын ыалдьыттар ыҥырыыларыттан быыс булан, биһиги көрдөһүүбүтүн ылыммытыгар олус махтанабыт. Тамара Егоровна Үрэх Төрдүгэр сирдээн илдьэн Өксөкүлээх сэргэлэригэр тиийэн, устар ууну сомоҕолуур тылынан кэпсээнин эт кулгаахпытынан истэр, илэ харахпытынан көрөр умнуллубат түгэн тосхойбута.

Тамара Егоровна: «Өймөкөөттөр улуу суруйааччы Алексей Кулаковскайы илэ бэйэтин көрсөн, доҕордоһон, кэпсэтэн-ипсэтэн, бэйэтин айымньытын «кэһии гынан» аҕалан ааҕарын, ырыатын, олоҥхотун, тойугун, оһуохайын истибит, атах тэпсэн олорон сэһэргэспит дьоллоохтор», — диэн мээнэҕэ эппэтэ.

Кини  кэпсээниттэн Өксөкүлээх Өймөкөөҥҥҥө сырыыларын билсиһиэх.

Бастакы айана (1906 с.)

Алексей Елисеевич 1905 с. Дьокуускай куоракка сийиэскэ киирэ сылдьан, дьаарбаҥкаҕа кэлбит Ньукулай Кривошапкин атыыһыты уонна кини сиэн уолун С. П. Готовцев‑1 (Массаканы) көрсөн, Кривошапкиҥҥа суруксуттуу сылдьар доҕоро Д. И. Слепцов дуруускатынан Өймөкөөн-Бороҕон нэһилиэгин суруксутунан эһиил сайын тахсыах буолан кэпсэппит. Оччотооҕу айан ороскуота олус ыарахана. Айанын ороскуотун толунаары элбэх киһиттэн иэс ылбыт. Ити курдук тэринэн, Өймөкөөҥҥө аан бастаан айаҥҥа туруммут.

Иккис кэлиитэ (1908 с.)

Суруйааччы Николай Заболоцкай маннык эппит: «Мин хоноһобор, Өксөкүлээххэ, сирдьит буолбутум. Киэһэ кэлэн Алексей Елисеевич айымньыларыттан ааҕан иһитиннэрбитэ, ону чуумпуран, барыны-бары умнан олорон истибиппит. Дьэ, итинтэн ыла мин, кыракый да буоллар, үөрэх туомнаах киһи, Алексей Елисеевиһы хас көрүстэҕим аайы айымньыларын үрүҥэр таһаартаан, ып-ыраас буочарынан суруйа сылдьар уһун ньолбоҕор, халыҥ хордуон тастаах киниискэтин уларсан, таптаабыт хоһооннорбун уһулан ылар идэлэммитим».

Кулаковскай айанын, үлэтин, сылдьар сырыытын сүнньэ дьон-сэргэ олоҕун, тылын-өһүн үөрэтии, күүһэ тиийэринэн саха киһитин олоҕун чэпчэтии, норуот ааспыт олоҕун, кэлэр кэскилин анааран көрүү буолара.

Үһүс кэлиитэ (1909 с.)

1909 с. Дьокуускай-Охотскай икки ардыгар тардыллыахтаах телеграф ситимин таһаҕаһын таһа сылдьан Өймөкөөҥҥө кэлэ сылдьыбыт. Алексей Елисеевич телеграф таһаҕаһын тиэйэргэ бэдэрээттэспит эбит. Кини бу бэдэрээттэн улаханнык оҕустарбыт (аара 40 ат өлөн), суолга тахсыбыт ороскуотун суут үс киһиэхэ төлөттөрөргө уурбут, ону хамнаһыттан уһуннук төлөөбүт.

Төрдүс кэлиитэ (1921 с.)

Кини кэллэҕинэ куруук да бырааһынньык курдук буоларын Г. Х. Сыромятников кэпсээбит. Сыромятников Үрэх Төрдө диэн сиргэ дьиэ-уот туттан олорбут. Өксөкүлээх олохтоох дьонтон ырыаһыттар, олоҥхоһуттар тустарынан ыйыталаһара. Сорохторун ыҥыртаран ылар кэпсэтэр, ырыаларын-тойуктарын истэрэ. Туох эмэ көрдөөҕү, дьээбэни иһиттэҕинэ, улахан баҕайытык күлэн күһүгүрэтэр эбит.

Бэһис кэлиитэ (1922 с.)

Бу сыл Саха уобалаһын быстах норуодунай управлениета тэриллибит. Кулаковскай оһуобай боломуочуйалаах аатын ылан, норуодунай управление чилиэннэрин кытары от ыйыгар Өймөкөөҥҥө кэлбит. Кэргэнэ Евдокия Ивановнаны, уолун Конашаны олохтоон

баран управление аһын-таҥаһын тиэйэ, Охотскайынан Айааҥҥа барбыт. Айаантан Өймөкөөҥҥө сэтинньи бүтүүтэ кэлбит уонна улахан байыаннай суолталаах сибидиэнньэлэри биэрбит. Генерал Ракитин этэрээтэ Охотскайга 200 киһилээҕин уонна сотору соҕус Дьокуускай диэки барыахтаахтарын иһитиннэрбит.

Алтыс кэлиитэ (1924 с.)

Сэйимчээн чуумпутугар олорон уонунан сыллар муспут айымньыларын чөмчөтөн, Саха бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн Дьокуускайдаан иһэн мэлдьи тохтоон ааһар сиригэр Томтортон чугас Үрэх Төрдө диэн сиргэ аптаныамыйаны уруйдаан ыһыах ыспыт. Кыйма Баһылай диэн уус киһини булан, 3 сэргэни киһи эрэ хараҕа хатаныан курдук эриэккэс ойуулаан туруорбуттар, бэйэтэ ыһыах алгыһын оҥорбут.

Ол үс сэргэттэн билигин икки сэргэ ыһыах ыспыт сиригэр хараллан турар. Уопсайынан, кини үс сэргэни туруорбут. 1904 с. Чурапчы улууһун Арыылааҕар Ийэ кут сэргэтин (саҥа олоҕу уруйдаан), 1905 с. Үөһээ Бүлүү улууһун оҥхойугар Буор кут сэргэтин (үлэни, уйгуну түстээн), Өймөкөөҥҥө Салгын кут (судаарыстыбаннас түстэммитин уруйдаан) сэргэлэрин туруорбут.

Сэттис кэлиитэ (1925 с.)

1925 с. ыам ыйын 14 күнүгэр  Былатыан Ойуунускай аатыгар Өймөкөөҥҥө бандьыыттар тобохторун эйэнэн бэриннэрэр сыаллаах бырабыыталыстыба хамыыһыйатын ыытарга уонна кинини киллэрэллэригэр көрдөһүү түһэрбит. Өймөкөөҥҥө ый аҥаара айаннаан, бэс ыйын ортотугар тиийбиттэр. Нөҥүө күнүгэр Суһал ыҥырыылаах сийиэһи тэрийэннэр, утары турааччылары бэриннэрбиттэр. Бу мунньахха А.Кулаковскай Сэбиэскэй былаас өлөрөр-өһөрөр өйүн тохтотон, саҥа бэлиитикэни ыытан эрэрин, Өймөкөөҥҥө өрө турааччылар эйэлээхтик бэринэллэригэр, сааларын биэрэллэригэр сүбэлээбит. Сийиэс түөрт күнү быһа барбыт.

*   *  *

Өймөкөөннөр Алексей Кулаковскайы-Өксөкүлээх Өлөксөйү таптыылларын, ытыктыылларын биллэрэн, кини аатын үйэтитэллэр.

«Кулаковскай аартыга», «Кулаковскай таас остуолбата», «Кулаковскай сэргэлэрэ», Төрүккэ Өксөкүлээх диэн сир аата бааллар. Кини аатын Өймөкөөн, Томтор, Уус Ньара уулуссалара сүгэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: