Өксөкүлээх Өлөксөй биир тутаах кэриэһин туһунан

Өксөкүлээх Өлөксөй биир тутаах кэриэһин туһунан

Ааптар:
30.10.2022, 13:00
Бөлөххө киир:

Саха улуу суруйааччыта уонна бөлүһүөгэ Өксөкүлээх Өлөксөй биһиги омук 20-с үйэ саҥатыгар  сүтэр-симэлийэр турукка киирэн, инникибит быстыан сөбүн өтө көрөн, норуоту быыһыыр соруктаах «Саха интэлигиэнсийэтигэр» туһаайбыт суругун бастакы чааһыгар бу дьиксиниилээх быһыы-майгы биир сүрүн төрүөтүнэн арыгылааһыны, табахтааһыны ааттаабыта.

Отуттан тахса симэлийэн эрэр Сибиир норуоттарын ахсааннарын этэн туран ааттаталаан, оччолорго сахалар ахсааммыт онуоха-маныаха диэри аҕыйыы илик да буолар, уҥуохпут куччаан, эппит-сииммит аһааҕыран иһэрин бэлиэтээн, симэлийэр кутталбыт улаатан эрэрин суруйбут. Чукчалары эмиэрикэлэр уонна нууччалар арыгылатан хайыы үйэ оннук турукка тиэрдэннэр, кинилэр инникилэрэ олох кыл­гаата диэн эппит.

Ону таһынан, бу сурукка киргизтэр тустарынан суруйбута кэрэхсэбиллээх. Урал диэкиттэн көһөрүллүбүт үгүс элбэх дьоҥҥо үтүө сирдэрин-уоттарын былдьатан, кинилэр олус күчүмэҕэй балаһыанньаламмыттарын аһынарын биллэрбит уонна бу омук арыгы иһиитин бобор мусульман итэҕэллээх буолан, арыгыттан көмүскэллээх диэн быһаарбыт.

Суругун 2-с чааһыгар Өксө­күлээх чопчу хайдах быыһанарбытын сиһилии ыйан-кэрдэн, «культивизация» диэн тылы киллэрэр. Георгий Прокопьевич Башарин ол тылы духуобунай уонна материальнай култуура таһымын үрдэтии, ону сайыннарыы диэн быһаарбыт эбит. 2-с чаас 5-с баһыгар культивизация биир сүрүн хайысхатынан арыгылааһыны, хаартылааһыны уонна табахтааһыны утары охсуһууну ааттаабыт. Култуурата суох дьон олоҕу минньитии бу ”култуурунай” көрүҥнэрин буортутун өйдүүр кыаҕа суох диэн тоһоҕолуур. Ол аата, арыгыны иһэр киһи култуурунай аатырар кыаҕа суоҕун бэлиэтээбит. Онон, сотору-сотору “култуурунайдык, сатаан истэххэ арыгы буортута суох” диэччилэр төрдүттэн сыыһа этэллэрэ ырылхайдык көстөн кэлэр. Кырдьыга даҕаны, толкуйдаан көрдөххө, арыгылааһын туох баар сидьиҥ содула кыраттан, бырааһынньык аайы «култуурунайдык» иһэртэн саҕаланар эбээт. Ол иэдээннээх суолга эдэр ыччаты убаастанар дьон оннук иһэр холобурдара угуйара саарбаҕа суох.

ХХ үйэ саҕаланыытыгар Арассыыйа биллэр-көстөр пат­риоттара, ол иһигэр улуу суру­йааччы Лев Николаевич Толстой иилээн-саҕалаан, арыгылааһыны утары олус улахан, үтүө түмүктэрдээх хамсааһын саҕаламмыта.  Онтон туора турбакка, оччолорго Боотуруускай улууска суруксутунан үлэлиир Өлөксөй Кулаковскай Чурапчытааҕы чөл өйдөөх туруктаныы уопсастыбатын (общество трезвости) тэрийсибит уонна бу тэрилтэ Устаабын маҥнайгынан илии баттаабыт эбит. Бу иһэр-аһыыр дьон көнө суолга туралларыгар өйүүр-сү­бэлиир, кинилэргэ үлэ булар, харчынан-үбүнэн көмөлөһөр бигэ-таҕа тэрилтэ эбит. Ол туһунан тыл билимин дуоктара З.К. Башарина уонна история билимин хандьыдаата А.С. Николаева суруйаллар.

Өксөкүлээх Өлөксөй арыгы содулун бэйэтин чулуу айымньыларыгар эмиэ олус ырылхайдык арыйан көрдөрөр. Бэйиэт «Итирик бурсуй ырыатыгар» арыгы испит киһи кэрээнэ суох киһиргэс, бардам быһыытын-майгытын, хотуолуор, өйүн сүтэриэр диэри көрүөхтэн сүөргү бодотун итэҕэтиилээхтик ойуулуур.

Оттон “Арыгы” диэн поэмата таһыччы таһымнаахтык суруллубут уһулуччулаах айымньы буолар. Манна кини арыгылааһын кэлин науканан дакаастаммыт бары өрүттэрин барытын уус-­уран тыл сүмэтинэн дириҥник хорутан көрдөрбүт. Үрдүкү бы­­лаастар көҥүллэринэн арыгы олус киэҥник тарҕаныытын ойуулаан туран, поэма маҥнайгы чааһыгар бу кубулҕаттаах, сүлүһүннээх утах биһиги төрүт аспыт буолбатаҕын, өбүгэлэрбит чөл олохтоохторун өйдөтөн этэр:

Күн айыылартан 

көҥүллэтиилээх,

Күбүөрүнэ  суутуттан 

көрүүлээх…

…Улахан омуктар

Булбут утахтара

Олус даҕаны

Кубулҕаттаах буолар эбит…

…Саха сирин барытын

сабардаата,

Тоҥус сирин ордорбокко

 тунуйда…

Кырдьыга даҕаны, өбүгэлэрбит барахсаттар чөл өйдөөх эрэ буоланнар, бу үлүгэрдээх тыйыс дойдуга норуот быһыытынан тыыннаах хаалан, “һай-һат” диэн сүөһүлэнэн, сылгыланан, ­ууһаан-тэнийэн олордохторо. Онон, чөл өйдөөх чэгиэн турук биһиги норуоппутугар сүүнэ сыаннаспыт, баайбыт буолар диэн өйдүөх тустаахпыт.

Өксөкүлээх арыгы киһиэхэ барытыгар, омугуттан, сааһыттан, баайыттан-дьадаҥытыттан, төһө өйдөөҕүттэн, майгытыттан тутулуга суох, хара дьайдаах содуллааҕын быһаарар:

…Нууччалыын тууһугурдулар,

Сахалыын саатаатылар,

Улаханныын умсугуйдулар,

Аччыгыйдыын алдьаннылар,

Кырдьаҕастыын

кыдьыгырдылар,

Эдэрдиин имэҥирдилэр…

Иккис чааһыгар ааптар дьон арыгы туһунан олох сымыйа дойҕохторго албыннатан (бырагыраамаланан)  иһэллэрэ куһаҕан үгэскэ кубулуйарын чуолкайдык ойуулуур:

…Барҕа малааһыҥҥа

Бастыҥ астара буолла,

Ытык ыһыахтарга

Ымсыылаах кымыстара

буолла…

Улаххан урууларга

Уруттатар утахтара

буолла…

… Муҥнаах киһини…

…Муҥун уҕарытта…

Эрэйдээх киһини…

…Эмиэ чэпчэттэ…

Мөлтөҕү күүстээх гынна,

Бытааны быһый гынна,

Сыппаҕы сытыы гынна…

Үһүс чааһыгар арыгы сүлүһүннээх дьаат буолан, киһи этигэр-хааныгар, кини кэнчээри ыччатыгар хайдах дьайарын, уонна иһээччи олоҕо хайдах огдолуйарын, арыгылааһын уопсастыба олоҕор кутталын олус дириҥник  хорутан суруйбут:

…Бэрт да мэйиилээҕи

бэтиннэрэр,

Үтүө да өйдөөҕү үлтүрүтэр,

Сайаҕас да санаалааҕы

сарбыйар…

…Эйэлээҕи кытта

этиһиннэрэр,

Кэргэни кытта

киҥнэһиннэрэр,

Ойоҕу кытта охсуһуннарар…

…Кэнчээригэ тиийэ

Кэдэрги кэскиллиир,

Төрүөххэ тиийэ

Түҥкэтэх төлкөлүүр,

Ыччакка тиийэ

Ыарыһах ыйаахтыыр…

…Куһаҕаҥҥа куудьуйар,

Уорарга угуйар,

Өлөрөргө үөрэтэр…

Бүтэһигэр Өксөкүлээх Өлөк­сөй арыгы көрүҥүн 13 аатын ааттаан туран, бу утах төһө кы­­раадыстааҕыттан, кинини атыылаан байааччылар дьону иһэрдээри хайдах курдук кэрэ ааттары иҥэрэллэриттэн тутулуга суох,  сүлүһүннээх дьааттаах, адьарай аһа буолара саарбаҕа суоҕун көрдөрөр. Холобур:

…Манньытыан баҕардаҕына

Мадьыара буолан

майгыланар…

 …Ороскуоттуон

оҥоһуннаҕына

Остолубуой буолан охсуллар…

…Хайҕатыан

хабаатыннаҕына

Ханньаах буолан хабырсыйар…

…Саататыан сананнаҕына

Сампааныскай буолан

сайгыһыйар…

Филология билимин дуоктара  Зоя Константиновна Башарина этэринэн, бу айымньы саха литературатыгар арыгы алдьатар, урусхаллыыр күүһүн уус-­уран тылынан сытыытык, чаҕылхайдык арыйан, норуокка арыгыны тарҕатан иһэрдиини утарар маҥнайгы айымньы буолар. Норуоппут духуобунай сирдьитэ диэн тумус туттар улуу киһибит сүдү күүстээх айымньыта билиҥҥи да кэмҥэ уһулуччу суолтатын сүтэрбэт, онон “Арыгы” диэн поэма инники дьылҕабыт туһугар үөрэх кыһатын аайы дириҥник үөрэтиллэрэ ирдэнэр.

Бу айымньыга олоҕуран “Трезвая Якутия” хамсааһын чилиэннэрэ Е.И. Шудря уонна Н.Е. Босикова көҕүлээннэр, АГИКИ устудьуоннарын күүһүнэн Пушкин аатынан драматическай тыйаатырга “Оборотень”
(В. Солоухин тылбааһынан, режиссёр Карасёва Г.И.) диэн испэктээк 2015 сыллаахха уонна Депутатскай бөһүөлэгэр эдэр артыыстар толорууларыгар “Арыгы” диэн испэктээк (реж.
С. Фандрих) 2018 сыллаахха туруорулланнар, көрөөччүлэргэ дириҥник дьайан, үрдүк биһирэбили ылбыттара. Маннык ту­­руоруулар аныгы дьон дьүүлүгэр сир-сир аайы, тыйаатырдарга, культуура дьиэлэригэр тахсаллара буоллар, улуу убайбыт кэриэһин ылынан, сахалар чөл өйдөөх турукка тардыһан, норуоппут доруобуйата, олоҕо тупсарырар төһүү күүс буолуо этэ.

Валентина КОМИССАРОВА-КҮЛҮМҮРЭ,

СӨ доруобуйа

харыстабылын туйгуна,

хоһоонньут, тылбаасчыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: