Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө ыһыах ыспыта 100 сылын туолла
Бүгүн, от ыйын 21 күнүгэр, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөн улууһугар Үрэх төрдө диэн сиргэ аан бастаан ыһыах ыспыта 100 сылын туолла.
Ыһыахха анаан улуу бөлүһүөк мас ууһа Кыйма Баһылайы көрдөһөн, үс сэргэни оҥотторбут. Төһө да биир үйэ аастар, ол сэргэлэртэн иккитэ ордон, күн бүгүнүгэр диэри тураллар.
“Олохтоох “Саха омук” уопсастыба салалтатынан ыһыах улууска от ыйын 21 күнүгэр ыытылынна, онно 100-тэн тахса киһи кытынна. Ыһыах А.Е. Кулаковскай сатабыллаах салалтатынан бэрт тэрээһиннээхтик, кэрэхсэбиллээхтик ыытылынна. Дьон-сэргэ бу бырааһынньыгы тэрийбит «Саха омук» салаатын чилиэннэригэр муҥура суох махталын биллэрэр уонна инникитин да маннык култуурунай-сырдатар тэрээһиннэр тэриллиэхтэрэ диэн эрэнэллэр», — диэн 1924 сыл сэтинньи 7 күнүгэр “Автономная Якутия” хаһыакка М.Н. Винокуров-Индигирскэй суруга бэчээттэмит. Бу туһунан Өймөкөөн улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтэ бэйэтин социальнай ситимигэр иһитиннэрдэ. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, улуустааҕы бибилэтиэкэ (сал. И.А Горчакова) «Бу күн Өймөкөөн устуоруйатыгар» диэн саҥа рубриканы арыйда.
Саха литературатын төрүттээччи, гуманист-бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөн улууһугар аан бастаан ыһыах ыспытынан сибээстээн, быйыл бэс ыйыгар Өймөкөөн улууһун култуураҕа уонна туризм сайдыытыгар управлениета улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин салаатын кытта ыччат холбоһуктаах этно-култуурунай эспэдиисийэтин тэрийэн ыыппыта.
Тэрээһин “Историческая память” бырайыак чэрчитинэн барбыта. Биллэрин курдук, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй маннык сэргэлэри үс эрэ улууска — Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар, Чурапчы Арыылааҕар уонна Өймөкөөн Үрэх төрдүгэр туруорбута. 2017 сыллаахха бу үс улуус уопсастыбанньыктара анал «Үс Кут» диэн эспэдииссийэни тэрийэн, Өксөкүлээх туруорбут сэргэлэринэн айанннабыттара. Этно-айан Дьокуускайтан Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгыттан саҕаламмыта.
Быйыл А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут сэргэлэрин кэриэстээн уонна Өймөкөөҥҥө ыһыллыбыт ыһыах 100 сылынан Чурапчыттан, Тааттаттан уонна Өймөкөөнтөн тэриллибит ыччаттар эспэдииссийэлэрэ Томтор нэһилиэгэр кэлэн «Тыа сирин ыччата – саха омук саргыта» диэн тэрээһини ыыппыттара. Кэккэ төрүөтүнэн, Үөһээ Бүлүү бэрэстэбиитэллэрэ кыайан кыттыбатахтара.
Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Томторго Үрэх төрдүгэр ыһыах ыспыт сиригэр кини анаан оҥорторбут өйдөбүнньүк-сэргэлэрин 100 сыл ааспытын да үрдүнэн, ардах-хаар самнарбата. 21-с үйэҕэ этэҥҥэ тиийэн кэлэннэр, махталлаах өймөкөөннөр билигин бу ытык сэргэлэри харахтарын харахтарын курдук харыстыыллар, көрөллөр-истэллэр.
Ыччат бэлиитикэтин салаатын сүрүнннүүр исписэлииһэ, Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх Елена Столярчик иһитиннэрбитинэн, ыччат этно-эспэдииссийэтигэр Чурапчыттан уонна Тааттаттан ыччаттар кыттыыны ылан, тэрээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнанна.
— Ыччаттар Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 100 сыллааҕыта Үрэх төрдүгэр туруорбут сэргэлэригэр өйдөбүнньүк дуоска ыйаатыбыт. Уопсайа тэрээһиҥҥэ кыттыбыт 100-чэкэ ыччаттан 65-һэ — Өймөкөөн улууһун Уус-Ньара бөһүөлэгиттэн, Томтортон, Сордоҥноохтон, Өймөкөөнтөн, Үчүгэйтэн кэлбит ыччаттар. Улуу бөлүһүөк Чурапчы улууһун Арыылааҕар туруорбут сэргэлэрин «Ийэ кут сэргэлэрэ» (1904 г.), Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар туруорбут сэргэлэрин «Буор кут сэргэлэрэ» (1905 г.) уонна Өймөкөөн Томторугар Үрэх төрдүгэр туруорбут сэргэлэрин «Салгын кут сэргэлэрэ» (1924 г.) диэн ааттаабыт.
Төһө да тымныы, ардахтаах күн буоллар, ыччат балаакканан олорор сирэ эспэдиссийэ киининэн буолла. Манна «Тыа сирин ыччата – саха омук саргыта» диэн бэрт дириҥ ис хоһоонноох төгүрүк остуолу тэрийэн ыыттыбыт. Ыччаттар нэһилиэктэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар туһуламмыт сытыы боппуруостары ырыттылар, кэскиллээх барыллары торумнаатылар.
Бу маннык араас улуус ыччатын сомоҕолуур этно-эспэдииссийэлэри тэрийии олус көдьүүстээх көрүҥ эбит. Ыччаттар чугастык билистибит, үлэ уопутун атастастыбыт, бэйэ-бэйэбититтэн элбэххэ үөрэннибит.
Тэрээһин түмүгүнэн 2017 сыллаахха тэриллибит эспэдииссийэ кыттыылаахтарын суолларынан ыччат айанын тэрийэр бөлөх тэрилиннэ. Онон бу суолталаах үлэ салгыы ыытыллан, үгэскэ кубулуйуоҕа. Маны таһынан, Өймөкөөн улууһун ыччатын сомоҕолуур барыл ылынныбыт, — диэн бэлиэтээтэ ыччат бэлиитикэтин салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Елена Столярчик.
Ити курдук, ыччаттар бэйэлэрин улуустарын устуоруйатын ытыктаан, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буоларга дьулуһуулара – атын улуустарга бастыҥ холобурунан буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: