Алтынньы 26 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ саалатыгар “Өксөкүлээх Өлөксөй. А.Е. Кулаковскай уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоно-сэргэтэ: ахтыылар, источниктар” кинигэ күн сирин көрдө.
Улуу поэт, саха литературатын төрүттээччи, учуонай, бөлүһүөк суруйааччы Алексей Елисеевич Кулаковскай норуотун туһугар үтүмэн үгүс үтүөлээх.
Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо уонна айан, суруйан, чинчийэн хаалларбыт нэһилиэстибэтэ саха норуотун историятыгар уһулуччу суолталаах буолуохтааҕын өйдөөн, сиэнэ, учуонай, филологическай наука кандидата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Реасовна Кулаковская научнай үлэтин таһынан киэҥ ис хоһоонноох улахан уопсастыбаннай тэрээһиннэри, улуустар бибилэтиэкэлэригэр, оскуолаларга көрсүһүүлэри ыытара. Онно источниковед, библиограф быһыытынан кыраайы үөрэтээччилэргэ сыаналаах сүбэлэри оҥорон, бэйэтэ архыыптарга үлэлээн, булбут докумуоннарыттан улуустарга копиялаан биэртэлээбит.
2017 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Людмила Реасовна Кулаковская Майаҕа Р.Г. Васильев аатынан түмэлгэ улуус кыраайы үөрэтээччилэрин уонна Култуура дьиэтигэр олохтоохтору кытта көрсүһүүтүгэр Саха сирин улуустарын нэһилиэктэринэн А.Е. Кулаковскай ‒ Өксөкүлээх Өлөксөйү кытта алтыспыт, кини кэмигэр олорон ааспыт, норуоттарын туһугар үтүөнү оҥорбут дьоммутун үйэтитиэҕиҥ диэн этии киллэрбитэ, испииһэктэри бэлэмнээбитин кэпсээбитэ. Биһиги улууспутугар нэһилиэктэринэн оҥорбут испииһэгин туттарбыта. Бырайыагын «Өксөкүлээх Өлөксөй эргимтэтэ» диэн ааттаабытын иһитиннэрбитэ.
Улуус краеведтара үлэ түмүллүөхтээх, кинигэ хайаан да тахсыахтаах диэн балайда бириэмэ ааспытын кэннэ күүскэ ылсыбыттара. Нэһилиэктэр краеведтарын, испииһэккэ суруллубут дьон удьуордарын, аймахтарын кытта Софья Дмитриева үлэлээтэ, архивтарга чинчийиини Октябрина Дмитриева ыытта, текстэри Марфа Птицына бэлэмнээтэ, сэдэх хаартыскалары Станислав Афанасьев чинчийдэ. Кинигэ научнай тутулун биир дойдулаахпыт филологическай наука доктора, профессор, Өксөкүлээх Өлөксөй институтун салайааччыта, РФ үрдүк үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ наукатын үтүөлээх деятеля Прасковья Васильевна Сивцева-Максимова оҥордо.
Улуус нэһилиэктэрин таһынан өрөспүүбүлүкэ араас түмэллэрин, бибилэтиэкэлэрин үлэһиттэрэ сүҥкэн көмөнү оҥордулар.
Тэрээһиҥҥэ улууспут баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов кинигэҕэ үлэлэспит дьоҥҥо махтанан туран киирии тылы эттэ. Ону тэҥэ улуу дьон сыдьаана, билигин Сербияҕа олорор, Сербияҕа Саха диаспоратын лиидэрэ Лариса Реасовна Кулаковская ыалдьыттаата. Людмила Реасовналыын уһуннук үлэлэспит уопсастыбанньык Саргылана Александровна Неустроева, бырайыак салайааччыта Павел Данилович Сазонов, кинигэ үлэтин тэрээһинин салайааччы, кыраайы үөрэтээччи Софья Гаврильевна Дмитриева, архыыпка үлэлээбит Октябрина Егоровна Дмитриева, кыраайы үөрэтээччилэртэн Моорук нэһилиэгиттэн Аполлон Михайлович Апросимов, Дойду нэһилиэгиттэн Борис Алексеевич Попов, Майа сэлиэнньэтиттэн Илья Семенович Колосов тыл эттилэр, быһа сибээһинэн Прасковья Васильевна Сивцева-Максимова холбонно.
«Өксөкүлээх эргимтэтин» үөрэтиигэ анаммыт маҥнайгы кинигэ А.Е. Кулаковскай олоҕун, айар үлэтин салгыы чинчийиилэргэ, кыраайы үөрэтээччилэргэ, улууспутугар үөрэх кыһаларыгар, учууталларга, култуура эйгэтин үлэһиттэригэр, устудьуоннарга олус улахан суолталаах буоларыгар, улууспут историятын, бэлиэ дьонун үөрэтэргэ өссө биир дьоһун кинигэ киэҥ ааҕааччы интэриэһин тардыаҕа диэн эрэнэбит.
Кинигэ сүрэхтэниитин тэрээһинин тэрийэн ыыппыт Марианна Афанасьевна Никанорова салайааччылаах И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ кэлэктиибигэр улахан махталбытын тиэрдэбит.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…