Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт саҥа сайт сүрэхтэннэ

Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт саҥа сайт сүрэхтэннэ

31.10.2023, 09:00
Хаартыска "Николаев Киин" архыып-бибилэтиэкэтиттэн
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев аатын үйэтитиигэ үлэ салгыы ыытыллар.

Ол курдук, алтынньы 27 күнүгэр, Дьокуускайга саха литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕатыгар Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт сайт сүрэхтэннэ. Бу улахан бырайыак бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев аатынан «Николаев Киин» архыып-бибилэтикэтин сүрүннээһининэн уонна Михаил Николаев пуондатын үбүлээһининэн оҥоһулунна.

Бу идиэйэ бастакы бэрэсидьиэммит, ытык киһибит Михаил Ефимович Николаев баҕа санаатынан оҥоһулунна. Кини эрдэттэн бу идиэйэни көҕүлээн, тус бэйэтэ 100 тыһыынча солкуобайы сайт үлэҕэ киирэригэр көрбүтэ. Ону сэргэ, «Окружение А.Е.Кулаковского» диэн уопсастыбаннай тэрилтэ сүҥкэн өҥөлөөх.  А.Е.Кулаковскай чугас дьонун, аймахтарын кытта үгүс үлэ ыытылынна. Ону таһынан хаартыскалар, видеолар, бэчээтинэй матырыйааллар барыта Национальнай архыып уонна Национальнай бибилэтиэкэ көмөлөрүнэн булулунна, — диэн «Николаев Киин» салайааччыта Юрий Семенов санаатын үллэһиннэ.

Сайтка А.Е.Кулаковскай научнай үлэлэрэ. айымньылара, духуобунай нэһилиэстибэтэ киирбит. Маны таһынан сайтка английскайдыы тылбаас баар. Билигин дьоппуон уонна кытай тылыгар тылбааска үлэ барар турар. Сайт арыллыытыгар А.Е.Кулаковскай сиэнэ  Лариса Реасовна Сербияттан кэлбит. Электроннай сайт кини эһэтин нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ сыаннаастааҕын бэлиэтээбит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: