«Духуобунаһа суох нация суох. Алексей Кулаковскайы-Өксөкүлээх Өлөксөйү биһиги нациябытын көрдөрөр духуобунай лиидэрбит, өрөспүүбүлүкэбит уобараһын быһыытынан ылыныах тустаахпыт», — диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев этэн турар.
Бүгүн, кулун тутар 16 күнүгэр, саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, айар тыл аҕатынан ааттаммыт уһулуччулаах бэйиэт, саха бастакы учуонайа, бөдөҥ уопсастыбаннай диэйэтэлэ Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнэ.
Кини 1887 сыллаахха кулун тутар 16 (3) күнүгэр Таатта улууһун 2-с Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, айар үлэтэ саха норуотун өлбөт- сүппэт духуобунай баайа. Кини уус-уран айымньылара, этнографияҕа, фольклорга үлэлэрэ, Саха сирин айылҕатын чинчийиилэрэ, саха норуотун олоҕун, уопсастыба тутулун, итэҕэл, тыл, литература уратыларын ырытыылара, сыаналааһыннара – барыта күн-дьыл өксүөнүгэр оҕустарбакка, ис хоһоонноро өссө дириҥээн, суолталара улаатан иһэр аналлаахтар.
Алексей Кулаковскай айар үлэтин чыпчаалынан «Ойуун түүлэ» бөлүһүөктүү ис хоһоонноох поэмата буолар. Бу айымньы суолтата бу күҥҥэ диэри сүдү суолталанан, бүгүҥҥү биһиги боростойо суох олохпутун бу баардыы үйэлэри уҥуордаан кэлэн суруйбута ааҕааччыны толкуйдатар уонна долгутар буолан, дьон бу айымньыны ааҕар буолбута мэлдьэҕэ суох. Поэматыгар бүтүн киһи аймаҕы долгутар араас хабааннаах кыһалҕалар: аан дойдуга сэрии, сут, араас иэдээн, баттал-үктэл баһаамнаатаҕына хайдах орто туруу бараан дойдуга ордон хаалыахтарын туһунан санаа-оноо түмүллэн көрдөрүллүбүтэ.
Улуу сырдатааччыбыт биир саамай бөдөҥ, научнай суолталаах үлэтинэн «Саха интеллигенциятыгар сурук” буолар. Бу айымньыга хайдах сайдыылаах кэлии омук үөрэхтэрин-билиилэрин, култуураларын сахалар бэйэлэригэр иҥэринэн хаалыахтарын «Интеллигенцияҕа сурук» диэн айымньытыгар тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Кини бу үлэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын кытта тумнубакка, сүөһү иитиитин технологиятын тупсарыыга дириҥ ис хоһоонноох, кэскиллээх ыйыылары оҥорбута. Төрөөбүт Сахатын сирэ, кини быстар дьадаҥы дьонун олохторун экэниэмикэтэ бөҕөргүүрүгэр чопчу туһаайан суруйбута. Биир үйэ анараа өттүгэр, 1912 с. суруллубут бу Сурук Алексей Кулаковскай улахан таһымнаах салайааччы, уустук боппуруостары быһаарар экэнэмиис, бүтүн омук дьылҕатын түстүүр кыахтаах бөлүһүөк буоларын арылыччы дакаастыыр.
Убаастабыллаах ааҕааччылар! Саха норуотун бастакы учуонайа, саха литературатын аҕата, улахан бөлүһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй айан хаалларбыт айымньыларын, хомуйан оҥорбут чинчийиилэрин бүгүҥҥү уустук кэмҥэ арыйа баттаан сыныйан үөрэтэргитигэр, дириҥ өйдөөх суруйууларын сыта-тура ааҕаргытыгар ыҥырабыт! Норуодунай суруйааччы Амма Аччыгыйа: «Ол кинигэни булан аахпыт киһи ньии!..» — диэн истиҥ баҕата норуокка билигин даҕаны олох мөккүөрэ суох кырдьыгар тэҥнэһэллэр.
Бу тыллар инникитин даҕаны сөп буола-буола ахтыллыахтара, болҕомтону тардыахтара диэн эрэнэ хаалабыт.
Мария НИКОЛАЕВА, Ньурба, Хаҥалас.
Ааптар хаартыскалара
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…