«Өксөкүлээх сардаҥата» сандаарда (ВИДЕО)
Кулун тутар 16 күнэ — саха омук үөрэхтэниитигэр сүдү кылааттаах, саха литературатын төрүттээччи, сырдатааччы, төрөөбүт тылын, норуот устуоруйатын уонна култууратын чинчийээччи, норуот фольклорун утумнаах хомуйааччыта, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнэ.
Бу күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин оскуолаларын ситимэ уонна Николаев-Киин көҕүлээһиннэринэн “тыыннаах” чүмэчини уматыы — “Өксөкүлээх сардаҥата” диэн аахсыйа ыытылынна. Бу аахсыйаны бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев иилээн-саҕалаан, көҕүлээн тэрийбитэ. Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин үгүс улуустара быһа эпииргэ холбонон, »Өксөкүлээх сардаҥатын» тэҥинэн уматтылар. Ол курдук, Горнайтан, Амматтан, Хоточчуттан, Намтан, Бүлүүттэн, Мииринэй оройуонун Таас Үрэҕиттэн, Сунтаартан, Өймөкөөнтөн, Хаҥаластан оскуолалар холбоннулар.
Өксөкүлээх бастакы уотун Таатта улууһугар, Хадаайы мусуойугар баар кини төрөөбүт-үөскээбит балаҕаныттан, көмүлүөгүттэн сиэнэ Рива Реасовна Кулаковская тымтыгынан уматта. Ол уоту лаампаҕа уган, Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгын аттыгар туран, Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров уонна Рива Реасовна эҕэрдэлээтилэр.
— Бу тэрээһиммитин үгүс улуустартан тыһыынчанан киһи киирэн, холбонон олороруттан киһи үөрэр. Бу түгэҥҥэ сүүһүнэн чүмэчи умайыа, үгүс сүрэхтэргэ үтүөҕэ, кэрэҕэ, үйэлээххэ эрэли саҕыаҕа. Биһиги бүгүн улуу убайбыт Өксөкүлээх мындыр толкуйунан, санаатынан сирдэтинэн олоробут, ыччаппытын үөрэтэбит. Ил Дархан Өксөкүлээх биэс сылын биллэрбитигэр, кини олоҕун, үлэтин үйэтитиигэ олук уурбутугар махтанабыт, — диэн эттэ.
Оттон Рива Реасовна »олус үөрэн, долгуйан турабын, Өксөкүлээх уота саха ыччатын үрдүккэ, сырдыкка угуйуо» диэн эрэнэрин биллэрдэ. Өктөмҥө Николаев-кииҥҥэ Өксөкүлээх уотун норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат уматта. Бу кэнниттэн бары улуустарга чүмэчилэр сырдыы, угуйа умайдылар. Бүлүүтээҕи педагогическай училищеттан устудьуоннар, уһуйааччылар холбоннулар. Алексей Кулаковскай Бүлүүгэ 2-с сүһүөх училищеҕа үлэлии сылдьан, Бүлүү өрүскэ оҥочонон уста сылдьар хаартыскатын көрдөрдүлэр.
»Бу хаартыскаҕа баар Петр Староватов, Марк Жирков, о.д.а. чулуу дьон училищеҕа үлэлии, үөрэнэ сылдьан, укулаат ууран, күүстээх куту иҥэрбит буолан, үөрэх кыһата үйэ тухары сайдан, ыччаты үрдүккэ сирдээн кэллэ’‘, — диэн дириэктэр Иван Алексеев эттэ. Өктөмнөөҕү үөрэх-билим киинин үөрэнээччилэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй »Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыатын» оонньоон көрдөрдүлэр.
Бу кэнниттэн Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтин туһунан киэҥ кэпсэтии, үөрүүлээх мунньах тэрилиннэ. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан 2023-2025 сыллар – Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сылынан биллэриллибиттэрэ. Бу аахсыйа бу 5 сыллаах түһүмэх биир дьоһун тэрээһинэ буолар.
Таатта улууһуттан кыым саҕыллан,
«Өксөкүлээх сардаҥата» сандаарда!
Чүмэчи — Өксөкүлээх кэмин уота, айар үлэтигэр эрэлэ, олоҕор итэҕэлэ. «Өксөкүлээх Сардаҥата» хас биирдии көлүөнэ ыарахаттары туорууругар, хараҥаны сырдатан, толкуйу тобуларыгар, санааны салайынарыгар көмөлөөх буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: