Салгыы
Экстремал-айанньыт Дугуйдан Винокуров: «Саха сирин кэрэ айылҕатын элбэх турист билиэн наада»

Экстремал-айанньыт Дугуйдан Винокуров: «Саха сирин кэрэ айылҕатын элбэх турист билиэн наада»

29.03.2024, 13:57
Хаартыска -- Дугуйдан Винокуров тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Муус устар 1 күнүттэн  Арассыыйа эрэгийиэннэригэр «Дальний Восток — Земля приключений» куонкурус иккис түһүмэҕэ биллэриллэр. 

Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, 1-кы түһүмэххэ Уһук Илин устун араас айан туһунан 200 видеоматырыйаал киирбит. Онтон Саха сириттэн —  11 үлэ.

Кыайыылаахтар ортолоругар 3-с миэстэҕэ тиксибит Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгин сылгыһыта, экстремал-айанньыт  Дугуйдан Винокуров баар.

Наҕараадабын былырыын сэтинньи 4 күнүгэр «Россия» быыстапка-пуорумҥа ВДНХ-ҕа туттарбыттара. Онно мин «Кыһыҥҥы айан» («Зимнее путешествие») номинацияҕа 3-с миэстэни ылан бэлиэтэммитим. Магадаан уобалаһыгар Сэйимчээҥҥэ атынан сырыыбын куонкуруска киинэ оҥорон ыыппытым. Бу маннык дойдубутун ааттатар куонкуруска хайаан да кыттыҥ диэн ыҥырабын. Саха сирин кэрэ айылҕатын элбэх турист билиэн наада.  Этиэхтэн кэрэ  айылҕалаах дойдубутун хайаан да сырдатыаҕыҥ. Үгүскүт айанныырын сөбүлүүр, ол ону хаартыскаҕа үйэтитэр, видеоҕа устар наада. Ол үлэҕит куонкурус ирдэбилигэр  түбэһэр кыахтаах, — диэн санаатын үллэһиннэ экстремал-айанньыт Дугуйдан Винокуров.

Куонкуруска кыттыан баҕалаахтар бу сигэнэн киирэн билсиҥ:  https://путешественникдв.рф/

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: