Салгыы
Экстремаллар -50 кыраадыс тымныыга таһырдьа хоннулар

Экстремаллар -50 кыраадыс тымныыга таһырдьа хоннулар

15.01.2024, 17:19
Хаартыска: Е.Кривошапкин
Бөлөххө киир:

-50 кыраадыс тымныыга таһырдьа хонуо этигит дуо? Былыр булчуттар, табаһыттар сиргэ быстардахтарына, буурҕаҕа түбэстэхтэринэ, турар бэйэлэринэн хаар анныгар хоноллоро диэни истибиккит? Дьокуускайга экстремаллар хаһыс да сылын иглу диэн хаар дьиэҕэ хонон, бэйэлэрин тургутан көрдүлэр, бииргэ Эргэ Саҥа дьылы көрүстүлэр.

Бу иглу диэн эскимостар хаар-муус дьиэлэрин кыһыннары сатыы хаамар дьон хамаандалара Чочур Мырааҥҥа туппуттар. Тохсунньу 14 күнэ үүнэр түүнүгэр таһырдьа -50 кыраадыс буолбута. Барыта 15 киһи мустан, оонньоон, итии чэй иһэн, аһаан баран, төгүрүк быһыылаах хаар дьиэлэргэ киирэн, утуйбуттар. Манна диэн эттэххэ, экстремал кыргыттар-дьахталлар эмиэ бааллар эбит.

Бу түннүгэ-үөлэһэ суох хаар дьиэ иһигэр уонча киһи киирэн симилиннэҕинэ, иһинээҕи кыраадыһа 2-3 кыраадыс сылаас буолар, хаар эркиннэрэ ууллан ньолҕоруһаллар эбит. Хороон курдук ааннарын бүөлээн кэбиһэллэр.

Бу хамаандаҕа экстремал-альпинист Евгений Кривошапкин кыттыста. Кини сахалартан бастакынан аан дойду муҥутуур чыпаалын — Эверест хайаны  дабайбытын билэбит. Кини «Эверестка айан» диэн телеграм-ханаалыгар бу курдук суруйда:

«Мин манна уоппускабыттан, Москваттан саҥа кэлбиппэр, ыҥырбыттара. Бэлэмнэниигэ биир эрэ күн баара. Хаар дьиэлэргэ түөртүү-биэстии буолан, хоннубут. Мин эрдэттэн бэлэмнэммэтэх буолан, кыһыҥҥы халыҥ утуйар мөһөөччүгүм суох этэ. Онон икки чараас соҕус утуйар мөһөөччүккэ утуйбутум. Тымныы этэ, түүнү быһа атаҕым тоҥмута. Түүн тымныыттан тоҥон, уһуктан кэлбитим. Мөһөөччүгүм иһигэр дэлби тыынан биэрбиппэр, син сылыйбыта.  Сарсыарда тоҥон хаалбыт бачыыҥкабын, пуховикпын нэһиилэ кэппитим, ирээри, таһырдьа тахсан, сүүрэкэлээбитим. Тымныыны тулуйдум. Ким да тугун да үлүппэтэ, ол эрэн бары атахтара тоҥмут этэ. Аныгыскыга таһырдьа хонор буоллахха, түүлээх тэллэҕи, саамай сылаас утуйар мөһөөччүгү, халыҥ наскыны бэлэмниэххэ наада эбит».

Хаартыска: Е.Кривошапкин

Санатар буоллахха, Евгений Тымныы полюһугар — Өймөкөөҥҥө олорор, үлэлиир. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолар. Туристары Саха сирин үрдүк чыпчаалларыгар сырытыннарар дьарыктаах. Кини 2025 сылга Памир хайаларын дабайар сыаллааҕын туһунан иһитиннэрдэ.

Телеграм-ханаалга экстремаллар тоһуттар тымныыга тирии тэллэх, таба тириититтэн тигиллибит утуйар мөһөөччүк, бараан түүтүттэн өрүллүбүт наскы, эбэтэр, хаатыҥка ордук көдьүүстээҕин туһунан кэпсэтэллэр. Атахха грелканы туһаныахха сөп эбит. Оттон экстремал кыргыттар маннык усулуобуйаҕа тахсан киирэр, чэпчэтинэр уустугун бэлиэтииллэр.

+1
12
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: