Экстремальнай марафон кыайыылаахтарынан Александр Моедо уонна Леонид Зыков буоллулар

Share

Тохсунньу 11-12 күннэригэр Өймөкөҥҥө  ыытыллыбыт «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» VI-с кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа дойду 17 эрэгийиэниттэн 50-ча спортсмен кытынна.

Ол иһигэр Красноярскай, Челябинскай, Иркутскай, Балашиха, Москва, о.д.а куораттартан. Марафон араас саастаах, туспа идэлээх успуорт туһугар ыалдьааччылары түмтэ.

Ультрамарафон кыайыылааҕынан — 50 км сүүрүүгэ Өлүөхүмэттэн  Александр Моедо  буолла.  Кини чэпчэки атлетикаҕа успуорт маастара.

42,2 км дистанцияҕа бастакынан Хаҥаластан Леонид Зыков кэллэ. Кини ЫБММ  сотруднига, хайыһарга өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чемпиона, призера.

«Бу күннэргэ Өймөкөөҥҥө -50 кыраадыс тымныы  буола сырытта. Бу бүтүн планета үрдүнэн  тымныы усулуобуйаҕа ыытыллар  соҕотох  марафон буолар. Марафон кыттыылаахтарын сөҕө-махтайа көрдүм, кинилэргэ инникитин өссө ситиһиилэри, саҥа кыайыылары баҕарабын» —  диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграмҥа суруйда.

«Северная заря» хаһыат хаартыската
«Северная заря» хаһыат хаартыската
«Северная заря» хаһыат хаартыската
«Северная заря» хаһыат хаартыската
«Северная заря» хаһыат хаартыската
«Северная заря» хаһыат хаартыската

Бэҕэһээ 5 килэмиэтиргэ Полина Слободчикова, 10 килэмиэтиргэ — Алексей Кузько, 15 килэмиэтиргэ — Эдуард Ксенофонтов уонна 21,1 килэмиэтиргэ – Алексей Герасимов бастаабыттара.

Марафон Улуу Кыайыы 80 сылыгар уонна Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сылларыгар ананар.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Звезднай» түөлбэҕэ керлинг тыраассалаах саҥа каток аһылынна

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллыбыт «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка саҥа «Звезднай» түөлбэҕэ…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көтөр баабыракытыгар үлэ дьыла үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабыракытыгар саҥа үлэ дьыла үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна. Инкубаторияҕа бэйэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиигэ…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Анал хамыыһыйа «Манчаары оонньууларын” өрөгөй ырыатын талар

СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Марина Силина салалтатынан Таатта улууһугар ыытыллыахтаах успуорт национальнай…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Хаҥалас улууһугар 11-с кылаас үөрэнээччилэрин химия эксээмэнигэр бэлэмниир үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр саҕаланнылар

Түмсүү А.В.Дмитриев аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтии Ой орто оскуолатыгар буолар. Тэрээһиҥҥэ 50-ча үрдүкү кылаас…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыаннай дьайыыга автотиэхиньикэни уонна гуманитарнай көмөнү тиэрдии салҕанан барар

«Патриотическая» ТОР федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, «Якт-Сокол» квадроцикллары уонна «Тимир Ат» электромотоцикллары байыаннай дьайыыга тиэрдии салҕанар.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕынан биир идэлээхтэригэр бэйэтин баҕа санаатын 99 саастаах педагог эттэ

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа буола турар. Биир идэлээхтэригэр бэйэтин баҕа санаатын 99…

8 часов ago