Өктөмҥө 76 киһи хаарбах туруктаах дьиэттэн саҥа кыбартыыларга көстүлэр

Share

Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр 76 киһи дойду Бэрэсидьиэнин «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн  көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан саҥа кыбартыыра күлүүстэрин туттулар.

Саҥа дьиэлээхтэри Хаҥалас улууһугар бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов эҕэрдэлээтэ.

Хаартыска: sakha.gov.ru

«Элбэх кыбартыыралаах дьиэни аһыы – бу нэһилиэк олоҕун саҥа түһүмэҕэ. Тыа сирин олоҕун усулуобуйата куорат таһымыттан итэҕэһэ суох буолан эрэриттэн олус үөрэбин.  Билигин тыа киһитэ тупсаҕай оҥоһуулаах кыбартыыраҕа олохсуйара олох нуормата», — диэн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Анатолий Семенов бэлиэтээтэ. Саҥа дьиэ Емельян Андреев уулуссатыгар түөрт мэндиэмэннээх  тутулунна. Дьиэ 2023 сыл ахсынньытыгар үлэҕэ киирбитэ. Кыбартыыралар бары толору өрөмүөннээх туттарылыннылар. Бэдэрээччит «АЭБ Капитал» ХЭО.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Санатан эттэххэ, Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыагын чэрчитинэн, Саха сиригэр саахалланар уонна хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү саамай улахан бырагыраама олоххо киллэриллэр. 2019 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо 40 тыһыынча киһи 700 тыһыынча кв. м. иэннээх хаарбах туруктаах олорор дьиэлэртэн көһөрүлүннэ. Бу сыллар устата барыта араас муниципалитеттарынан 200-тэн тахса элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ.

  Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

47 секунд ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

13 минут ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

17 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

21 минута ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

1 час ago