Өктөмҥө өртөөһүнтэн дьиэ уонна тиэхиньикэ уокка былдьанна

Share

Бүгүн, ыам ыйын 10 күнүгэр Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр күнүс Новай уулуссаҕа чааһынай дьиэ умайда. Умайыы туһунан иһитиннэрии киирээтин кытары баһаарынай сулууспа тиийдэ.

Илэ харахтарынан көрбүт дьон кэпсээбиттэринэн, баһаар өртөөһүнтэн саҕаламмыт уонна уоту сатаан тохтоппокколор чугасттааҕы ыал дьиэтигэр тиийбит.

Ол түмүгэр верандалаах чааһынай дьиэ, икки хараас умайбыт, ону тэҥэ ыаллыы олорор дьон икки тиэхиньикэтэ уонна дьиэлэрин көҥдөйө уокка былдьаммыт.

Эмсэҕэлээбит киһи суох, баһаар биричиинэтэ быһаарыллар.

Видео: @nvk_khangalas1

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Чульмаҥҥа 18 саастаах уол дьиэлэр ититиилэрин ситимнэрин араарбыт

Нерюнгри улууһун Чульман бөһүөлэгэр 18 саастаах уол таһырдьа -40 кыраадыс буолан турдаҕына, дьиэлэр ититиилэрин ситимнэрин…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Виктор Лебедев Таатта, Томпо улуустарыгар олорор 165 оҕоҕо Саҥа дьыллааҕы бэлэҕи бэлэхтээтэ

Элбэх оҕолоох уонна уустук балаһыанньаҕа түбэспит 94 дьиэ кэргэн оҕолоругар норуот дьокутаата уонна «Саханефтегазсбыт» АУо…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ороһуоспатааҕы “дьикти” түгэн буолбатар даҕаны

Ахсынньы 25 күнүгэр Украинаҕа эйэлээх сөбүлэһии оҥоһуллуохтаах диэн Трамп олохтообут болдьоҕо бүттэ. Билиҥҥи туругунан эйэлээх…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Перинатальнай кииннэр саҥа тэриллэринэн хааччылыннылар

Саха сиригэр "Дьиэ кэргэн" национальнай бырайыагынан  437 мэдиссиинэ аныгы тэрилэ кэллэ. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин 150 олохтооҕо “Үлэ киһитэ” бириэмийэнэн наҕараадаланна

«Үлэ киһитэ» бириэмийэ араас салааларга үлэлиир дьон үлэҕэ ситиһиилэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи билиниитэ буолла. Ил Дархан Ил…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саҥа дьыллааҕы «Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

2026 сыл -- Ат сыла үүнэрэ аҕыйах хонук хаалла. Бары даҕаны бу күүтүүлээх, долгутуулаах кэлэр…

2 часа ago