Иван Сивцев-Бээди: «Муоста тутуллуннаҕына элбэх боппуруос быһаарыллыа, айан-сырыы сыыдамсыйыа»
Өлүөнэ эбэбитин туоруур муостаны тутуу боппуруоһа быһаарылынна. Кэтэһэн олорор дьон бары сэргэхсийэ түстүбүт.
Ордук биһиэхэ, илин эҥээрдэргэ, муоста тутуллара олус наадалаах, үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, күһүн, саас суолунан куораты кытта сибээспит быстан үгүс эрэйи көрсөбүт. Куоракка киирэр суһал наада тирээтэҕинэ, элбэх киһи кыһалҕатыйар.
Муоста тутуута бүтэн олоххо киирдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыытыгар, социальнай-экэнэмиичэскэй бопуруоска улахан суолталаах буолуоҕа. Кэлии-барыы, айан-сырыы, таһаҕас тиэйиитэ барыта түргэнник-тарҕаннык быһаарыллар, кыаллымтыа буолуо. Уопсайынан кылгастык эттэххэ, муоста тутуллан бүттэҕинэ, инники кэскили кытта сибээстээх элбэх боппуруос быһаарыллар кыахха киирэр.
Мин илин эҥээргэ төрөөбүт буоламмын, Дьокуускайга кэлэргэ суол суоҕуттан хаайтарар эрэйин тус бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим. Онон муоста тутуута саҕаламмытын наһаа үөрэ, долгуйа иһиттим.
Иван Сивцев-Бээди
Хаартыска И.Сивцев тус архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: