Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн икки киинэ аһылынна
Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар Саха сиригэр Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн икки киинэ аһыллыбыта. Бу туһунан Ил Дархан былырыын Туһаайан этиитигэр эппитэ.
Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн кииннэригэр дьиэ кэргэн элбэх боппуруоска хоруйу ылан, араас кыһалҕаларын быһаартарар.
«Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинэ дьиэ кэргэттэргэ «биир түннүк» быһыытынан көмөнү оҥоруоҕа. Онон оҕолоох дьиэ кэргэттэр хаһан баҕарар көмөнү ылыахтара. Манна ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ыаллары кытта эрэ буолбакка, бары дьиэ кэргэттэри кытта үлэлииллэр. Маннык киин Нам улууһугар үлэлиир, эһиил Чурапчыга, Дьокуускайга аһыллыахтара», – диэн Айсен Николаев былырыыҥҥы Туһаайан этиитигэр эппитэ.
Чурапчыга Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинэ тохсунньу 30 күнүгэр, Дьокуускайга ыам ыйын 31 күнүгэр аһыллыбыттара. Маннык киин сыл бүтүүтэ Уус Алдаҥҥа аһыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: