Салгыы
Элбэх оҕолоох аҕа «Toyota Allion» массыынатын былдьатта

Элбэх оҕолоох аҕа «Toyota Allion» массыынатын былдьатта

Ааптар:
28.11.2024, 09:30
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас оройуоннааҕы суутун бириигэбэрэ күүһүгэр киирэн, оскуола иннинээҕи тэрилтэҕэ физическай култуураҕа инструктор, 4 оҕолоох, 42 саастаах эр киһи буруйдааҕынан бириигэбэрдэннэ.

Кини 200 чаас устата болдьоххо эбэһээтилинэй үлэнэн накаастанна, ону кытта 2 сыл устата тырааныспары салайары кытта сибээстээх үлэнэн дьарыктанарга бырааба быһылынна. Итини кытта суут судаарыстыба дохуотугар «Toyota Allion» массыынатын былдьаата.

Суут быһаарыытынан, бу сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр сарсыарда  эрдэ итирик туруктаах «Toyota Allion» мааркалаах массыына уруулугар олорон тутуллубут. Бу иннинэ эмиэ эр киһи итирик туруктаах сылдьан тырааныспары салайыы иһин административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт эбит, 2000 солк. суумаҕа ыстарааптаммыт уонна 1 сыл 8 ый болдьоххо тырааныспары салайар бырааба быһыллыбыт. «Суут кэмигэр буруйданааччы буруйун толору билиннэ», — диэн СӨ Сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
10
+1
4
+1
0
+1
0
+1
11
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: