Хаартыска: ЯСИА
Госдуумаҕа элбэх оҕолоох аҕалары болдьоҕун иннинэ байыаннай сулууспаттан босхолуур туһунан сокуон барыла оҥоһулунна.
Ол курдук, үһүс эбэтэр онтон элбэх оҕоломмут аҕалары байыаннай сулууспаттан болдьоҕун иннинэ босхолуур туһунан быраап олоххо киириэҕэ. Сокуон барылын Госдуума көрүүтүгэр РФКП фракциятын дьокутаата Нина Останина уонна сенатор Айрат Гибатдинов киллэрдилэр.
Ааптардар быһааралларынан, федеральнай сокуонунан билигин элбэх оҕолоох аҕаларга байыаннай сулууспа болдьоҕун уһатарга быраап көрүллэр. Оттон саҥа бэлэмнэммит сокуон барылынан элбэх оҕолоох аҕалары байыаннай сулууспаттан болдьоҕун иннинэ босхолуур кыах бэриллиэхтээх.
Маннык нуорма быстах мобилизация кэмиттэн биир сыл ааспытын кэннэ эбэтэр хантараак болдьоҕуттан биир сылынан туһаныллыан сөп диэн парламентарийдар быһаараллар. Саҥа уларыйыы дьиэ кэргэни араҥаччылыырга уонна араас кутталлартан көмүскэнэллэригэр көмөлөһүөҕэ. Сокуон ылыныллар түгэнигэр биир ыйынан күүһүгэр киириэҕэ.
Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах түһэрэ, +30 кыраадыс буолара…
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун полицията уопсайа 13 мөл. солк. суумалаах кыһыл көмүһү тиэйэн испит тэрилтэ дириэктэрин…
“Өбүгэ ситимэ” норуот эмчиттэрин түмсүүтүгэр айылҕаттан айдарыылаах араас дьон баар. “Өбүгэ ситимэ” норуот эмчиттэрин түмсүүтүн…
Быйыл балаҕан ыйыгар аан маҥнай аһыллар, өрөспүүбүлүкэ биир элбэх үөрэнээччилээх, М.Е.Николаев аатын сүгэр Дьокуускай куорат…
Сибиирдээҕи федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр күүстээх сөҥүү түһүөҕэ, оттон Саха сиригэр хаһыҥ түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгин Чүүйэ Эбэ алааһыгар "Ходуһа хоһууттара-2025" илии хотуурунан оту…