Салгыы
Элбэх оҕолоох дьоҥҥо сир учаастагын оннугар эбии төлөбүр оҥоһуллуоҕа

Элбэх оҕолоох дьоҥҥо сир учаастагын оннугар эбии төлөбүр оҥоһуллуоҕа

16.06.2025, 14:33
Хаартыска: ЯСИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалга сир учаастагын оннугар 300 тыһыынча солкуобай компенсация төлөбүрэ оҥоһуллуоҕа.

Бу туһунан быһа эпииргэ Ил Дархан Айсен Николаев “бырабыыталыстыбаҕа гражданнар харчынан толуйууга сайабылыанньалара түргэнник оҥоһулларын туһугар эбии үбү көрөргө сорудах бэрилиннэ. Быйыл элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын оннугар төлөбүр 300 тыһыынча солкуобай бэриллиэҕэ. Онно сайабылыанньа биэрэр туһугар, олорор сиргитигэр баар социальнай көмүскэл уонна үлэ управлениетыгар, эрэгийиэннээҕи былаас өҥөлөрүн порталын нөҥүө эбэтэр «Мои документы» кииҥҥэ сайабылыанньа биэриэхтээххит”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Бары сонуннар
Салгыы
16 июня
  • 8°C
  • Ощущается: 7°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: