“Педагог — элбэх оҕолоох ийэ” куонкурус буолуоҕа
Ийэ сылын иитинэн ахсынньы 26-27 күннэригэр куйаар ситиминэн “Педагог – элбэх оҕолоох ийэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэрт сонун куонкурус буолаары турар.
Куонкурус элбэх оҕолоох педагог ийэ оруолун социальнай суолтатын, оҕону төрөтүүгэ уонна иитиигэ ийэ эппиэтинэһин үрдэтэр, дьиэ кэргэни өрө тутар, айар дьоҕурдаах педагогтары сайыннарар соруктаах ыытыллар. Манна иитэ ылбыт оҕолорун ааҕан туран үстэн элбэх оҕолоох педагог ийэлэр кытталлар.
Куонкурус икки түһүмэҕинэн барыаҕа. Ол курдук, бастакы түһүмэххэ учууталлар үлэлэрин туһунан билиһиннэриэхтэрэ. “Мин – элбэх оҕолоох ийэбин” диэн иккис түһүмэххэ дьиэ кэргэн итиэннэ ыал суолтатын (хобби, дьарык) туһунан кэпсиэхтэрэ.
Тэрээһини СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт иилээн-саҕалаан ыытар. Урукку өттүгэр бу курдук куонкурус буолбута иһиллибэт, онон дьон-сэргэ биһирэбилин ылара саарбахтаммат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: