“Педагог — элбэх оҕолоох ийэ” куонкурус буолуоҕа

Share

Ийэ сылын иитинэн ахсынньы 26-27 күннэригэр  куйаар ситиминэн “Педагог – элбэх оҕолоох ийэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэрт сонун куонкурус буолаары турар.

Куонкурус элбэх оҕолоох педагог ийэ оруолун социальнай суолтатын, оҕону төрөтүүгэ уонна иитиигэ ийэ эппиэтинэһин үрдэтэр, дьиэ кэргэни өрө тутар, айар дьоҕурдаах педагогтары сайыннарар соруктаах ыытыллар. Манна иитэ ылбыт оҕолорун ааҕан туран үстэн элбэх оҕолоох педагог ийэлэр кытталлар.

Куонкурус икки түһүмэҕинэн барыаҕа. Ол курдук, бастакы түһүмэххэ учууталлар үлэлэрин туһунан билиһиннэриэхтэрэ. “Мин – элбэх оҕолоох ийэбин” диэн иккис түһүмэххэ дьиэ кэргэн итиэннэ ыал суолтатын (хобби, дьарык) туһунан кэпсиэхтэрэ.

Тэрээһини СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт иилээн-саҕалаан ыытар. Урукку өттүгэр бу курдук куонкурус буолбута иһиллибэт, онон дьон-сэргэ биһирэбилин ылара саарбахтаммат.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Күнүүлээһин уонна арыгы содула буруйу оҥорууга тиэрдибит

Бу сыл ахсынньы 18 күнүгэр  Уус-Маайа улууһун суута Элдьикээн бөһүөлэгин олохтооҕор РФ ХК 111-с ыстатыйатын…

9 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга инбэлиит буолбут байыастарга адаптивнай картодром оҥоһуллуон сөп

Былаас бэрэстэбиитэллэрэ, бырамыысыланнас хампаанньаларын салайааччылара уонна  байыаннай дьайыы кыттыылаахтара хамсанар кыахтарын сүтэрбит буойуннарга көмө оҥоруутун…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев ахсынньы 23 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин иһитиннэриэҕэ

Ахсынньы 23 күнүгэр Дьокуускай бириэмэтинэн күнүс 12:00 чааска Айсен Николаев  сыл аайы оҥоһуллар Ил Түмэҥҥэ…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сылаас сыһыан, кыһамньы — кырдьаҕастарга бу дьиҥнээх үөрүү, дьол

В.П.Решетников аатынан кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэригэр олорооччулар күннэрэ бэйэ-бэйэтигэр маарыннаһар: биир кэм бэрээдэктээх күннэр,…

58 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: Өтөх төҥүргэстээх (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа  Ульяна Захарова "Өтөх төҥүргэстээх"  …

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Суут быһаарыытынан үлэһиккэ биэс мөлүйүөнтэн тахса солкуобай хамнас төлөннө

Нерюнгри оройуонун салаатын суут бириистэптэрэ биир тэрилтэттэн рекорднай суумалаах хамнаска иэһи ирдээтилэр. Нерюнгри олохтооҕо таҥастыыр…

2 часа ago