Салгыы
Элбэх оҕолоох ийэлэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсар буоллулар

Элбэх оҕолоох ийэлэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсар буоллулар

24.01.2024, 11:51
Хаартыска -- СИА
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 23 күнүгэр бэрэсидьиэн Владимир Путин анал ыйаах таһааран, федеральнай таһымҥа элбэх оҕолоох ыал статуһун сокуонунан бигэргэттэ уонна эбии көмө миэрэлэрин киллэрдэ.

Онон элбэх оҕолоох ыал диэн кимий? «Арассыыйаҕа үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыал элбэх оҕолоох ыал диэн ааттанар уонна статуһа болдьоҕо суох буолар» диэн ыйаахха этиллэр.

Социальнай көмө оҕо 18 сааһын, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буоллаҕына, 23 сааһын туолуор диэри, оҥоһуллар.

Арассыыйа үрдүнэн элбэх оҕолоох ыаллар дааннайдарын баана баар буолуоҕа. Ол эбэтэр, бары биир испииһэккэ киирэллэр. Бырабыыталыстыба биир систиэмэ оҥорон, элбэх оҕолоох ыаллар социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаларын кэтээн көрүөҕэ.

Дьэ, туох көмө миэрэлэрин эбии киллэрдэ? 

Элбэх оҕолоох ийэ кырдьар сааһынан страховой биэнсийэҕэ эрдэ тахсара көҥүллэнэр буолла. Сыла-ыйа, ымпыга-чымпыга кэлин чуолкайданан, туспа нуорма быһыытынан оҥоһуллан тахсара буолуо. Холобур, Уһук Хоту (ол иһигэр Саха сиригэр) олорор ийэлэр 5 сыл эрдэлээн биэнсийэҕэ тахсаллар, оччотугар өссө эрдэ тахсар буолаллара дуу?

Элбэх оҕолоох ыаллар босуобуйаны, үлэ эйгэтигэр өйөбүлү ылаллара, эбии үөрэнэн, идэ ылаллара, дойду иһигэр түмэллэргэ, култуура, сынньалаҥ пааркаларыгар, быыстапкаларга босхо сылдьаллара мэктиэлэнэр.

Арассыыйа үрдүнэн элбэх оҕолоох ыал буолалларын туоуһулуур биир көрүҥнээх дастабырыанньа баар буолуоҕа.

Маны тэҥэ, эрэгийиэннэр аҕа баһылыктарыгар сорудахтаата:

Дастабырыанньалары оҥорторон түҥэтэргэ; элбэх оҕолоох ыаллар учуоттарын оҥорорго; социальнай көмө туһунан билиһиннэрэргэ; дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөргө туһаайан үлэлиир тэрилтэлэри, уопсастыбаннай түмсүүлэри өйүүргэ; элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтии биэрэр атыы-эргиэн тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэһэргэ.

Маны тэҥэ, эрэгийиэннэри салайар дьоҥҥо сүбэлээтэ (ол аата, эрэгийиэннэр баһылыктара ылыннахтарына эрэ, бу туолар кыахтаах):

  • оҕо 6 сааһыгар диэри ырысыабынан босхо эминэн хааччыйыы;
  • үөрэнээччилэр оскуолаҕа диэри уопсастыбаннай тырааныспарынан босхо сылдьалларын хааччыйыы (таксыыттан ураты);
  • үөрэнээччилэр оскуолаҕа  босхо аһыылларын хааччыйыы;
  • үөрэнээччилэр оскуолаҕа кэтэр уонна спортивнай таҥастарын хааччыйыы;
  • элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун уһуйааҥҥа бастакы уочарат ылалларын ситиһии;
  • хомунаалынай өҥөнү төлүүргэ 30 бырыһыантан намыһаҕа суох чэпчэтиини оҥоруу;
  • дьиэ-уот, сир учаастагын ылалларыгар көмөлөһүү.

Эрэгийиэннэр аҕа баһылыктара мантан да атын көмө миэрэлэри эбии киллэрэллэрэ биһирэнэр. Ону тэҥэ, эрэгийиэннэр национальнай, култуурунай, демографическай уратыларын учуоттаан, элбэх оҕолоох ыаллар категорияларны кэҥэтиэхтэрин сөп.

Урут Арассыыйаҕа элбэх оҕолоох ыаллар статустарын сокуонунан быһаарыы суох этэ. Эрэгийиэннэр киритиэрийдэри  бэйэлэрэ быһаарар кыахтаахтара. Көмө миэрэлэрэ 1992 сыллаахха тахсыбыт ыйааҕынан сирдэтинэллэрэ, билигин ол ыйаах көтүрүлүннэ.

+1
26
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: