Элбэх оҕолоох ийэлэргэ анаан «Преображение» бырайыак үлэлээтэ

Share

Быйыл Ил Дархан Айсен Николаев биллэрбит Ийэ сылыгар элбэх тэрээһин ыытыллар. Биир ураты бырайыагынан элбэх оҕолоох ийэлэр өйдөрүн-санааларын уларытар, сэбэрэлэрин тупсарар сыаллаах “Преображение” буолар.

Бу бырайыак чэрчитинэн, ыам ыйыгар Дьокуускай куорат уокуруктарыттан, уопсастыбаннай түмсүүлэриттэн ийэлэри талбыттара. Барыта 26 дьахтар кыттыан баҕарбытыттан, 9 ийэни талан ылбыттара. Манна сааһыттан тутулуга суох, үстэн элбэх оҕолоох, социальнай кыһалҕалаах, улахан ыйааһыннаах буолуохтаах диэн киритиэрийдээхтэр этэ.

Бэс ыйыгар кыттааччылар Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссии­нэ сэрэтэр үлэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр доруобуйаларын туругун бэрэбиэр­кэлэммиттэрэ. Терапевт, невролог, офтальмолог, кардиолог быраастарга көрдөрүммүттэрэ. Салгыы эндокринологическай диспансерга көрдөрүнэн, УЗИ-га түспүттэрэ, диабетка, гормоннарга анаалыс туттарбыттара. Онтон 1-кы №-дээх поликлиника иһинэн үлэлиир “Орхидея” дьахтар консультациятыгар акушер-гинекологка көрдөрүнэн, УЗИ-га, маммографияҕа түспүттэрэ, элбэх анаалыһы туттарбыттара. Онкомаркер анаалыстарын туттаран, искэн ыарыыларыгар бэрэбиэркэлэммиттэрэ.

От ыйыгар психолог консультациятын ааспыттара. Дьиэ кэргэни, ыччаты социальнай-психологическай өттүнэн өйүүр киин психологтара үҥкүү хамсаныытынан, айар үлэнэн уоскутар, уйулҕаны эмтиир дьарыктары ыыппыттара.

Кинилэргэ диетолог-быраас сөпкө аһаа­һын, хамсаныы, доруобуйаны көрүнүү туһунан элбэх лиэксийэлэри аахпыта. Онон бас­тааҥҥыттан күн аайы тугу сиэбиттэрин хаартыскаҕа түһэрэн, отчуоттаан испиттэрэ. Физкултуура, спорт управлениетын тириэньэрэ нэдиэлэҕэ үстэ фитнес дьарыктарын ыыппыта.

Атырдьах ыйыгар Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин үлэһиттэрэ кыттыылаах “төгүрүк остуолга” элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сыһыаннаах боппуруостары (босхо сир учаастактарын биэрии, нолуокка чэпчэтиилэри, субсидиялары оҥорторуу, судаарыс­тыбаттан көмөнү ылыы, о.д.а.) ырытыспыттара. Манна тустаах министиэристибэлэр, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ кэлэн кыттыбыттара. Исписэлиистэртэн туох баар ыйытыыларыгар толору хоруйу ылан, боппуруостарын быһаартаран, ийэлэр олус астыммыттара, билиилэрэ кэҥээбитэ.
Алтынньы 6 күнүгэр визажистар, стилистэр көмөлөрүнэн ийэлэри кырааскалаан, таҥыннаран баран, хаартыскаҕа түһэрдилэр.

Онтон алтынньы 22 күнүгэр сыл аҥаардаах үлэ түмүктэнэн, Ийэ күнүн чэрчитинэн “Куруһаалаҕа” ыытыллар “Здоровая Я” дьаар­баҥка-аахсыйаҕа күрэс түмүгүн таһаарыы, кыайыылаахтары наҕараадалааһын буолуоҕа.

Бу бырайыакка олус элбэх тэрилтэ кыттыста. Ол курдук, тэрийээччилэр – Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдис­сиинэ сэрэтэр үлэтин киинэ, “Мой Бизнес” киин, “СахаЭкспоСервис” тэрилтэ. Үлэ, социальнай сайдыы; Физкултуура уонна спорт; Инновация, цифровой сайдыы уонна информационнай технологиялар министиэристибэлэрэ кыттыс­тылар.

“Преображение” бырайыак тэрийээччилэрэ фотосессияны ыытарга үлэлээбит хамаандаҕа – стилистэр Николай Неймоховка, Нарыйаана Лаврентьеваҕа, Дарья Габышеваҕа, Вероника Марковаҕа, визажистар Элла Погодаеваҕа, Ади Даниловаҕа, фотограф Туяра Андрееваҕа уонна видеограф Василий Барановка, уобарастары таҥарга көмөлөспүт «LiAmi», «Mango», «TopLady» маҕаһыыннарга махталларын биллэрэллэр. Кинилэр социальнай аахсыйаҕа кыттыһан, төлөбүрэ суох үлэлээбиттэрэ хайҕаллаах.

“БУ БЫРАЙЫАК – ДЬЫЛҔАМ БЭЛЭҔЭ”

Галина Сидорова, 5 оҕолоох ийэ, учуутал:

– Ыччат управлениетыттан эрийэн ыйыппыттарыгар, үөрүүнэн сөбүлэспитим. Үчүгэйэ диэн, быраастарга көрдөрбүппүт, психологы кытары үлэлээбиппит. Нэдиэлэҕэ үстэ фитнеһынан дьарыктаммыппыт. Диетолог-нутрициолог үлэтэ наһаа көдьүүстээх этэ. Аска сөптөөх үөрүйэхтэри үөскэтэргэ үөрэппитэ. Биһиги дьиэ кэргэн билигин аспытын, иһэр уубутун кытта көрүнэн олоробут.

Кыргыттардыын билсибитим наһаа үчүгэй. Ыкса доҕордоһон, истиҥник кэпсэтэн, бэл, мырааҥҥа сатыы хааман, дьүөгэлии буоллубут.

Бу бырайыак элбэх билиини биэрдэ: оҕону хайдах иитэргэ, доруобуйаны көрүнэргэ, сөпкө аһыырга, бэйэни дьахтар быһыытынан таптыырга, о.д.а. Мин бэйэм олус уларыйдым: киһи быһыытынан, өй-санаа, майгы, эт-хаан өттүнэн. Ийэ дьоллоох буоллаҕына, дьиэ кэргэн барыта дьоллоох буолар дииллэр дии, ол кырдьык.

Оҕону сөпкө аһатар туһунан букатын тугу да билбэт эбиппит. Билигин оҕолорум, кэргэним, ийэм буолан, аһыыр үөрүйэхпитин уларыттыбыт. Саахары, элбэх углеводу тохтотон, оҕуруот аһын, белогу, бүтүн бурдугу элбэттибит. Уопсайа 7 киилэни бырахтым. Оҕолорум миигин көрөннөр, холобур оҥостоллор. 14 саастаах улахан уолум дьарыкка сылдьарбын көрөн, спортивнай куруһуокка суруйтарда. Өрөбүл аайы дьиэ кэргэнинэн бииргэ дьарыктанабыт. Урут успуортан олох ыраах этибит. Оҕолорбор быһааран биэрбитим кэннэ, минньигэһи да көрдөөбөт буоллулар.

Сайын Туймаада ыһыаҕар дьиэ кэргэн куонкуруһа буолбута, ол онно кыттан, 2-с миэстэ буолбуппут. Ол “комфортан” тахсыы биир көрүҥэ этэ. Салгыы Дьокуускай куорат элбэх оҕолоох ийэлэрин түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ буоллум.

Кэргэним, оҕолорум бары миигин өйөөтүлэр. Кэргэним элбэх “сиэртибэҕэ” баран, дьыалатын барытын тохтотон, миигин ыытар этэ. Кини күүс-көмө буол­бутугар олус махтанабын.
Бу ситиһиинэн тохтоон хаалыахпын баҕарбаппын, салгыы сыал баар буолла, өссө инники баран иһиэхпит. Ийэ оҕолонон баран, түбүккэ түһэн, бэйэтин умнан кэбиһэр. Болҕомтото барыта оҕолоругар, кэргэнигэр буолар, олус сыла­йар, биир күдьүс олохтон истириэстиир. Холобур, мин 2016 сылтан үлэлээбэккэ, оҕо көрөн олоробун. Маннык бырайыак дьахтар бэйэтин көрүнэригэр, сайдарыгар туһуланар буолан, улахан өйөбүлү биэрэр. Дьылҕа бэлэҕэ диэххэ сөп. Онон олоҕум тухары махтана сылдьыам.

“ХАРАҤАҔА СЫРДЫК ТЫКПЫТЫН КУРДУК”

Айталина Васильева, 3 оҕолоох ийэ:

– Бу бырайыакка мин оҕолорум тустарыттан кэлбитим. Биһиги сыыһа аһаан-сиэн олорор эбиппит. Маҕаһыыҥҥа тугу көрбүппүтүн үлүбээй ылан сиибит. Ол реклама суотугар, соруйан атыылаһарга соҥнуулларын өйдөөбөт, туох туһалааҕын-буортулааҕын туһунан толкуйдаабат эбиппит. Улахан оҕобутун туох атыыланарынан аһатан, улаатыннарбыппыт. Ол онтон кэмсинэбин. Ити төрөппүттэр биһиги улахан сыыһабыт. Дьиҥэ, төрөппүт тугу аһатарынан оҕо аһыыр буоллаҕа дии.

Маннык үлүбээй аһыыллара доруобуйаларыгар охсуулааҕын өйдөөн, бу бырайыакка кыттарга санаммытым. Билигин маҕаһыыҥҥа киирэн көрдөхпүнэ, туһалаах ас суоҕун кэриэтэ. Маркетинг, биисинэс, реклама биһиги олохпутун салайар, өйбүтүн-санаабытын бас билэр буолбуттар эбит. Наһаа элбэх углеводу, саахары, доруоһаны, консерваннары сиибит, ол орто сааска тиийдэххэ биллэрэр, ыарыы элбиир. Онон төрөппүттэр биһиги итини барытын билэн, сөпкө аһыыр туһунан оҕолорбутугар тиэрдиэхтээхпит.

Бастакы күммэр фитнеһи наһаа ыарырҕаппытым, сылайбытым, аны кэлбэт эбиппин дии санаабытым. Онтон толкуйдаан баран, оҕолорум тустарыгар, бэйэм доруобуйам туһугар тиһэҕэр диэри барыахтаахпын диэн быһаарыммытым. Анастасия Саввина диэн нутрициолог лиэксийэтин истэн баран, хараҥаҕа сырдык тыкпытын курдук буолбута. Кини уу иһэргэ, эрдэ утуйарга, аччыктаабатах эрээри, симинэри тохтоторго, организм тугу этэрин иһиллэнэргэ үөрэппитэ.

Билигин уруккум буолбатах, уларыйдым, элбэҕи билэбин, эппиэтинэһим үрдээтэ. Оҕолорбор сөптөөх үөрүйэхтэри ылыннара сатыыбын. Ылыныахтарын баҕарбаттар, тоҕо диэтэр, төрүөхтэриттэн сыыһа аһыы сылдьыбыттар, минньигэһи син биир көрдүүллэр. Кыраларым син ылыналлар, онон эрэлим улахан. Бу бырайыакка кэлбиппиттэн наһаа үөрэбин, тэрийээччилэргэ махтанабын.

“СААМАЙ ДЬУЛУУРДААХ 5 ИЙЭ ХААЛЛА”

Надежда Кириллина, Уопсастыбаннай доруобуйа киинин методист-бырааһа:

– Бырайыак сүрүн сыала – хас биирдии ийэ бэйэтэ доруобай, чөл олоҕу тутустаҕына, аһын көрүнэр буоллаҕына, ону оҕолоругар, кэргэнигэр эмиэ иҥэрэр, мантан кинилэр доруобуйалара тупсар. Билигин саамай тулуурдаах, дьулуурдаах 5 ийэ хаалан, түмүккэ тиийдилэр. Мин көрдөхпүнэ, тас көрүҥнэрэ уларыйбыт, сирэйдиин сырдаабыттар, харахтара уоттаммыт. Тиһэх нэдиэлэҕэ өссө төгүл доруобуйаларын көрдөрүнүөхтэрэ. Ол түмүгүнэн, кыайыылаах быһаарыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

7 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

31 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

2 часа ago