Элбэх оҕолоох ийэлэргэ уонна дьиэ кэргэттэргэ наҕараадалар

Share

Арассыыйаҕа элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ханнык судаарыстыбаннай наҕарааданы ылыахтарын сөбүй? 

«Дьоруой Ийэ» уордьаны уонна 1 мөлүйүөн солкуобайы 10-тан элбэх оҕону төрөппүт уонна ииппит ийэлэр ылаллар. Бу ааты иҥэрэр кэмҥэ онус оҕо 1 сааһын туолбут буолуохтаах.

«Төрөппүт Албан аата» уордьаны уонна 500 тыһыынча солкуобайы 7-тэн элбэх оҕону төрөппүт (эбэтэр, иитэ ылбыт) төрөппүттэр ылаллар. Аҥаардас төрөппүт эмиэ ылыан сөп. Уордьаны ылар кэмҥэ сэттис оҕо 3 сааһын туолбут буолуохтаах.
«Төрөппүт Албан аата»  мэтээлинэн уонна 200 тыһыынча солкуобайынан 4-тэн элбэх оҕону төрөппүт (эбэтэр, иитэ ылбыт) төрөппүттэр наҕараадаланаллар. Мэтээли туттарар кэмҥэ төрдүс оҕо 3 сааһын туолбут буолуохтаах.
Бу наҕараадалары туттарарга уопсай быраабылалардаах:

Бары дьиэ кэргэттэр чилиэннэрэ РФ гражданнара буолуохтаахтар;

Дьиэ кэргэн чөл олоҕу тутуһуохтаах, төрөппүттэр оҕолорун көрөр-харайар, атыттарга холобур буолар ыаллар буолуохтаахтар.

Наҕараадаҕа хандьыдааттары үлэ кэлэктииптэрэ, эбэтэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, судаарыстыбаннай уорганнар, эбэтэр, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара түһэрэр кыахтаахтар. 

Түмүк быһаарыыны РФ бэрэсидьиэнэ ылынар.

«Төрөппүт Албан аата» уордьаны уонна мэтээли төрөппүттэргэ иккиэннэригэр, харчынан төлөбүрү дьиэ кэргэҥҥэ биирдэ биэрэллэр.

Бу наҕараада төлөбүрдэриттэн нолуок тутуллубат.

Саха сиригэр ийэҕэ туспа наҕараадалар бааллар

«Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэ элбэх оҕолоох, көхтөөх уопсастыбанньык, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылаатын киллэрбит ийэҕэ бэриллэр. Күндү таастарынан киэргэтиллибит бэлиэ  уонна 100 тыһыынча солкуобай сыл аайы үс ийэҕэ туттарыллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Дьоруой Ийэ» бэлиэтин уонна 1 мөлүйүөн солкуобайы 10-тан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит, Саха сиригэр 15 сылтан итэҕэһэ суох олорбут ийэлэр наҕараадаланаллар. Онус оҕо 2000 сылтан бэттэх төрөөбүт буолуохтаах.
«Ийэ албан аата» III истиэпэннээх бэлиэнэн уонна 100 тыһыынча солкуобайынан 7 оҕолоох ийэлэр;
«Ийэ албан аата» II истиэпэннээх бэлиэнэн уонна 200 тыһыынча солкуобайынан 8 оҕолоох ийэлэр;

«Ийэ албан аата» I истиэпэннээх бэлиэнэн уонна 300 тыһыынча солкуобайынан 9 оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Ууга барыан сөптөөх эксээмэн ыытыллар пууннарыгар эрэсиэрбэ былааннар толкуйдаммыттара

Бу күннэргэ халаан уутуттан эмсэҕэлээн, сорох улуустарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Оттон эксээмэннэр ыам ыйын…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Михаил Ефимович Николаев бөлөһүөктүү көрүүлэрин туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

"Михаил Ефимович Николаев: вклад в государственную семейную политику Российской Федерации" диэн  кинигэ сүрэхтэниитэ бүгүн, ыам…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьылы атаарыы, сайыны көрсүү

Ыам ыйын 15 күнэ. Дьылбыт түмүктэнэрэ 7 хонук хаалбыт. Ол аата саха саҥа сыла саҕаланыа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьахталлар — салайар үлэҕэ

Ааҕааччыны салгыппат гына, ааспыты аҕыйах тылынан ахтан ааһар тоҕоостоох. Ыраата барбакка эттэххэ, ааспыт үйэ 60-70-с…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Туох барыта күрүөлээх…

Оннук ээ, туох барыта күрүөлээх, хамсыыр барыта хаһаалаах буолара бэрт бөҕө буоллаҕа! Киһи бэйэтин көрүнэригэр-харыстанарыгар…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр баһаары сэрэтэр  2, 4  тыһыынчаттан тахса тэрили дьиэлэргэ киллэрдилэр

2021 сылтан  Саха сиригэр “Баһаары сэрэт – АДПИ киллэр!” диэн социальнай аахсыйа ыытыллар.  Аахсыйа чэрчитинэн…

12 часов ago