Элбэх оҕолоох Степановтар бириистэрэ — 100 тыһыынча солкуобай!

Share

«Улахан дьиэ кэргэн дьоҕус биисинэһэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак куонкуруһугар элбэх оҕолоох 20  ыал кыттыыны ылла. 

Конкуруска кыттааччылары кытта нэдиэлэ устата уопуттаах преподавателлэр, «Мин биисинэһим» киин анал биисинэс-тириэньэрдэрэ үлэлэстилэр, сүбэ-ама биэрдилэр, биисинэс эйгэтин бырайыагар киирбит сайаапкалары көрдүлэр, ырыттылар. Кыттааччылар урбаан араас көрүҥнэригэр үлэлииллэр. Ол курдук, урбаанньыттар атыыга-эргиэҥҥэ, сынньалаҥ баазатын тэриниигэ уо.д.а. сайаапкаларын биэрбиттэр.

Дьүүллүүр сүбэ үс оҕолоох Дьокуускай куорат олохтоохторо Мария уонна Александр Степановтар спортивнай оскуоланы аһан үлэлэтэн эрэллэрин биһирээн, 100 тыһыынча солкуобай бирииһи  туттарда.

Чөл олоҕу тутуһууга туһуламмыт оскуоланы Степановтар былырыын аспыттар. Бырайыак чэрчитинэн Мария оҕолорун кэтэһэ олорор ийэлэргэ анаан эрчиллиилэри оҥорторор. Александр 7 саастарыттан үөһэ оҕолору дьарыктыыр. Кыайыыларын туһунан Степановтар санааларын маннык үллэһиннилэр:

Куонкуруһу тэрийбит «Мин биисинэһим» киин үөрэххэ өйөбүл салаатын салайааччыта Анна Филиппова сонун бырайыак туһунан билиһиннэрдэ:

Ити курдук, былырыын бэйэлэрин дьыалаларын тэриммит Степановтар биир сыл иһигэр тахсыылаахтык үлэлээн, куонкуруска кыттан, быйылгы пуорум дьоруойдарынан буоллулар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

6 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

6 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

18 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

36 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago