Хаартыска: СИА
Элбэх оҕолоох төрөппүттэри тырааныспар нолуогуттан босхолуур туһунан сокуон барылын ЛДПР дьокутааттара (үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ярослав Нилов салайыытынан) Госдуумаҕа киллэрдилэр. Бу сокуон барылын Госдуумаҕа ылыннахтарына, үстэн элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох дьиэ кэргэттэр тырааныспар нолуогуттан босхолонуохтарын сөп.
Сокуон барыла РФ Нолуокка кодексыгар уларыйыылары киллэрэр. Ол чэритинэн, 150 ат күүстээх двигателлээх массыыналаах төрөппүттэр нолуоктан босхолонуохтарын сөп. Ирдэбилэ — дьиэ кэргэҥҥэ үстэн элбэх оҕо сокуоннай саастарын туола илик буолуохтаахтар. Маны тэҥэ, сокуоннай сааһын ситэ илик саастаах оҕотун (оҕолорун) соҕотох иитэр аҥаардас төрөппүт эмиэ нолуоктан босхолонуохтаах диэн сокуон барылыгар этиллэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ сорох эрэгийиэннэргэ биэнсийэлээхтэри, инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолоох төрөппүттэри тырааныспар нолуогуттан босхолуур чэпчэтиилэр бааллар.
Бу миэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ уонна аҥаардас төрөппүттэргэ көмөлөһөр сыаллаах.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …