Элбэх оҕолоох ыал ахсаана 3 тыһыынчанан эбилиннэ

Share

Саха сирэ оҕо төрөөһүнүн уонна нэһилиэнньэ эбиллиитин таһымынан Уһук Илиҥҥэ бастакы сылдьар. Арассыыйа эрэгийиэннэригэр 10 бастыҥ иһигэр киирсэр. Кэнники 5 сыл иһигэр элбэх оҕолоох ыал ахсаана 3 тыһыынчанан эбилиннэ. 

Оҕо төрөөһүнэ эбиллэн иһэр диэн этэр кыахпыт, хомойуох иһин,  суох. Саха сиригэр, Арассыыйаҕа ханна да буоларын курдук, оҕо төрөөһүнэ аҕыйыыр. Ити 90-с сыллардааҕы «демографическай дьаама» содула. Ол да үрдүнэн, Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэлээх. Нэһилиэнньэ эбиллиитинэн Уһук Илиҥҥэ бастакы, Арассыыйаҕа ахсыс миэстэлээхпит, — диэн Айсен Николаев бэлиэтиир.

2020 сылтан элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара 3 тыһыынчанан эбиллибит.

Элбэх ахсааннаах дьиэ кэргэттэр ахсааннара эбиллиитэ кинилэргэ көмө, болҕомто ууруллуута чахчы көдьүүстээҕин көрдөрөр. Оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи, федеральнай бүддьүөттэн сыллата 30 миллиард солкуобай кэриҥэ төлөнөр. Кэнники сылларга оҕолоох ыалларга көмө кээмэйэ көстө-биллэ улаатта. Ол иһин элбэх оҕолонуу престиһэ үрдээтэ.

Биһиги инникитин да дьиэ кэргэттэри, оҕолору, ийэлэри өйүүр үлэбит, доруобуйа харыстабылыгар, социальнай эйгэҕэ ыытар бэлиитикэбит салҕаныаҕа. Бу суолталаах хайысхалары өйүүбүт, өйүөхпүт. Судаарыстыба сүрүн соруга — нэһилиэнньэтин элбэтии буолар дии саныыбын, — диэн Ил Дархан эттэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago